Массыына кыһын тоҕо умайарый?
Кэнники сылларга Саха сиригэр кыһыҥҥы тымныыларга массыына умайыыта элбиир буолла. Сотору-сотору иһитиннэрии тахсар. Үгүстүк массыыналар бэйэлэрэ туран эрэн умайаллар. Хомойуох иһин, кыайан быыһаммакка, хоромньу тахсар. Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтин чахчытынан, Саха сиригэр быйылгы сыл саҕаланыаҕыттан 163 массыына умайбыта, ааспыт сылга эмиэ итиччэ кэриҥэ тиэхиньикэ уокка былдьаммыта бэлиэтэммитэ. Тоҕо итинник буоларый уонна массыынаны хайдах харыстыахха сөбүй?
Халлаан тымныйаатын, Дьокуускай куоракка манна массыына умайа турарын, онно эстибитин туһунан иһитиннэриилэр социальнай ситиминэн сотору-сотору тарҕанар буоллулар. Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтин саайтын аһан көрдөххө, итинник иһитиннэрии элбэх. Тохсунньуга Дьокуускайга «Арассыыйа почтата» массыына, олунньуга «Бүлүү» тыраассатыгар микрооптуобус, алтынньыга-сэтинньигэ биир-икки күнү быысаһан кыра иномаркалар уонна маршрутнай оптуобус умайбыта. Атырдьах ыйыгар биир күн тэҥинэн, Нам улууһун I Хомустааҕар «Toyota Vista», онтон чаас аҥаарынан эмиэ бу улуус Хатырыгар «УАЗ», үһүс – Мииринэй улууһун Арыылааҕар «МАЗ» массыыналар умайбыттара. Итинник түбэлтэлэр элбэхтэр.
УМАЙЫЫ ТӨРҮӨТТЭРЭ
Эспиэртэр массыына умайыытыгар, эстиитигэр тириэрдиэн сөптөөх алта төрүөтү ааттыыллар. Ол килиимэт уларыйыыта, хаачыстыбата суох уматык, мотуор итийиитэ, боруобат, электроника хатыһыыта, массыынаны куһаҕаннык көрүнүү уонна соруйан уоттааһын. Маны биирдиилээн ырытан көрүөххэ.
Тыйыс тымныы килиимэт. Саха сирэ тымныытынан аатырар, кыһынын -50, -60 кыраадыс ыйы ыйдаан туруон сөп. Биллэн турар, маннык тымныылар массыына үлэлииригэр улахан ноҕуруусканы оҥороллор, аккумулятора кыаҕын сүтэрэр, онтон уот хатыһыан умайыан сөп.
Хаачыстыбата суох уматык. Биһиэхэ үгүстүк хаачыстыбата суох уматыгы аҕалаллар. Тымныы кэмнэргэ хаачыстыбата суох уматык, бэнсиин, сэлээркэ, гаас буоллун, мотуоругар охсууну оҥорор, онтон эмиэ умайыан сөп эбит.
Мотуора итийдэҕинэ. Ыраах айаҥҥа суоппардар эбии ититэр тэриллэри тутталларыттан уонна мотуору араастаан сылытар албастартан эмиэ умайыан сөп. Хаачыстыбата суох тэриллэри туһаныыттан уонна сыыһа туһаныыттан итийэн умайыан сөп эбит.
Боруобат уонна электроника алдьаныыта. Тымныы кэмҥэ боруобат уонна электроника алдьаныыта элбиирин этэллэр. Тымныыттан хайыта барыы баар буоллаҕына, самыкаанньалыан сөп. Ону тэҥэ эргэ эбэтэр алдьаммыт кабеллар температура түһүүтүн-тахсыытын тулуйуо суохтарын сөп эбит.
Массыынаны сыыһа туһаныы. Сорох суоппардар өр кэмҥэ массыыналарын собуоттаан баран туруораллар. Ол угаардаах гааһы таһаарыан эбэтэр кыымы түһэрэн уматыан сөп.
Уоттааһын. Соруйан уоттааһын түгэннэрэ да элбэхтэр. Билигин «үөнэ баппатах» дьон ааһан иһэн мээнэ уматыахтарын сөп. Кыһыҥҥы кэмҥэ уулуссаҕа турар массыыналарга ураты кутталлаах.
ЫБММ СЭРЭТЭР
Саха сиринээҕи Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтэ (ЫБММ) иһитиннэрэринэн, кыһыҥҥы өттүгэр массыына умайыыта тырааныспары сыыһа ититииттэн уонна
уоту биэрэр боруобаттара хатыһыыларыттан тахсар.
Саха сиринээҕи ЫБММ баһаары бэрэбиэркэлиир лабаратыарыйа суут эспэртиисэтин сиэктэрин начаалынньыга Егор Аргунов соторутааҕыта массыынаҕыт туругун болҕойон көрө сылдьыҥ, бириэмэтигэр тиэхиньиичэскэй көрүүнү барыҥ, тиэхиньикэ уоту, арыыны ылар боруобаттарын, атын даҕаны систиэмэтин көрө-истэ сылдьыҥ диэн тэлэбиисэринэн сүбэлээн турар.
Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтэ үлэһиттэрэ тиэхиньикэ умайар, эстэр төрүөтүнэн уоту биэрэр систиэмэтэ алдьаныытын, уотунан сэрэҕэ суохтук туттуу, атын киһи баайын соруйан урусхаллааһын буоларын ааттыыллар. Онуоха массыына электроборуобатыттан эрэ буолбакка, араас дэтээллэрэ итийэриттэн эмиэ тахсар диэн бэлиэтээн этэллэр.
Этиленгликольга олоҕурбут тымнытар убаҕас (антифриз) эмиэ умайар хаачыстыбалаах. Антифриз умайар температурата 145, оттон 135 температураҕа кыым саҕыан сөп.
Мотуор үлэлии турдаҕына эбэтэр сылаас буоллаҕына, тымнытар систиэмэ баттааһына түһэн, умайар булкааһы таһаарыан сөп. Туормас убаҕаһа уонна арыы эмиэ умайыахтарын сөп. Кинилэр умайар температуралара 150-тан 300 диэри.
Массыына умайан эрдэҕинэ балаһыанньаны сөптөөхтүк сыаналаан, төрүөтүн быһааран сөптөөх хардыылары оҥоруу улахан суолталаах. Сэрэхтээх буоллахха, массыынаҕа уот туран эрэрин тута билиэххэ сөп эбит. Капот анныттан буруо тахсыыта, солуон иһигэр умайбыт сыт тарҕаныыта – барыта баһаар тахсар төрүөтүнэн буолуон сөп. Онуоха хас биирдии тиэхиньикэҕэ огнетушитель баар буолуохтаах уонна куттал суоһуур түгэнигэр, дьон 10 миэтэрэ кэриҥэ тэйиэхтээх.
ЫБММ үлэһиттэрэ сүбэлииллэринэн, баһаарынай хамаанда кэлиэр диэри, умайан эрэр массыына аттыгар атын тиэхиньикэлэргэ уот ыстамматын курдук, уунан ыһыллыахтаах. Оттон ол кыаллыбат буоллаҕына, массыынаттан тэйэн биэриэххэ наада.
Эспиэртэр сүбэлэрэ
Бу күннэргэ «Fit Service» массыына сервиһин киинин норуоттар икки ардыларынааҕы франчайзинг ситимнэрин тиэхиньиичэскэй дириэктэрэ Никита Родионов «Арассыыйа хаһыатыгар» тоҕо кыһын массыына элбэхтик умайарын туһунан быһаарда.
Никита Родионов этэринэн, умайыы хас даҕаны төрүөттээх буолуон сөп, кыһын кэлиитэ, бастакы тоҥоруу түһүүтэ массыынаҕа кыһалҕалар элбииллэр: эрэһии нэлэр тоҥоллор, былаастык турбалар хайыта бараллар, хомуттар мөлтүүллэр, матырыйааллар кыччаан биэрэллэр. Ол түмүгэр, уматык, арыы тохтон, ханна эрэ кыым сахта даҕаны умайыы тахсыан сөп диэн эспиэр быһаарар. Айаннаан иһэн, мотуор арыыта эбэтэр туормас убаҕаһа таммахтара тимиргэ түһүөхтэрин сөп, ол сылыйан –умайыыны таһаарар кутталлаах диэн кини этэр. Итини таһынан, кыра самыкаанньа, араас оборудованиены туруоруу, сылытар тэрили туттуу эмиэ умайыы төрүөтүнэн буолуохтарын сөп.
Анал идэлээх эспиэр идэтийбит сэртипикээттээх сервистэргэ массыыналаргытын өрүү диагностикалата сылдьаргытыгар этэр. Тымныы түһүөн иннинэ бириэмэ булан массыынаҕытын толору диагностикалатаргытыгар сүбэлиир. Онно эбэһээт маастар уматык систиэмэтин уонна уот ситимин бэрэбиэркэлииригэр көрдөһүҥ диир эспиэр. Ону таһынан, атын оборудованиены, холобур, олбоҕу сылытыы, эрдэттэн солуону сылытыы, гааһы холбооһун тэрилин туруорартан туттунаргытыгар, ол олус сэрэхтээҕин этэр.
Оттон Саха сиригэр Японияттан массыыналары атыылаһан аҕалар дьарыктаах «Романавто-14» хаһаайына Саха сиригэр массыына умайыыта үгүстүк итиини тутар бүрүөһүнүн сыыһа бүрүйэллэриттэн тахсарын этэр. «Дьиҥэ, умайыы массыына мааркатыттан да, сылыттан да тутулуга суох. Биһиэхэ кыһыммыт олус тымныы, онон дьон массыыналарын үгүстүк сыыһа бүрүйэннэр, капоттарын анныгар укпут сылааһы тутар матырыйааллара итийэн, умайар түгэннэрэ эмиэ баар. Ардыгар «Наташа» анныгар эмиэ мотуордарыттан, турбаларыттан, шлангаларыттан сылтаан, сороҕор бүрүөһүн анныгар турбут электрика сиигирэн, автозапуск оҥордоххо, самыкаанньалыан, онтон кыым тахсан умайыан сөп. Онон киһи тиэхиньикэтин мэлдьи көрүнэ, оҥосто сылдьыахтаах, кыахтаах буоллаҕына, саҥардан иһиэхтээх уонна сэрэхтээх буолуохтаах», – диэн Роман быһаарар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: