Салгыы
Массыына үрдүнээҕи таһаҕаһы уурар тэрил иһин чахчы ыстарааптаныахха сөп дуо?

Массыына үрдүнээҕи таһаҕаһы уурар тэрил иһин чахчы ыстарааптаныахха сөп дуо?

14.03.2024, 17:01
Хаартыска СИА.
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Аллараа Бэстээххэ туорайга (на поперечинах) олордуллар таһаҕаһы уурар тэрил (багажник) массыына конструкциятын уларытыынан буолар диэн суоппардары ыстарааптаан эрэллэрин, бу төһө оруннааҕын туһунан ыйытар ис хоһоонноох сурук социальнай ситимнэринэн тарҕаммыта.

Ханнык түгэҥҥэ ыстарааптаныахха сөбүн билээри ГИБДД управлениетын пресс-сулууспатыгар сибээскэ тахса сырыттыбыт. “ОТТС-нан (одобрение типа транспортного средства) бигэргэнэр тырааныспар конструкциятыгар киирсэр тэрили олордуу, тырааныспар конструкциятыгар уларытыыны киллэриинэн ааҕыллыбат.

Эбэн эттэххэ, пикап таһаҕас таһар өттүнээҕи хаппаҕа, массыына үрдүнээҕи таһаҕаһы уурар курдук тырааныспар судургутук уһуллар тэрилин олордуу иһин, өскөтүн тустаах тэриллэр судургутук уһуллар, тэрили олордуу уонна туһаныы ыйыытыгар сөп түбэһэрдик олордуллубут уонна бу тырааныспары туһаныы докумуонугар (эксплуатационная документация ТС) ыйыллар түгэнигэр, тырааныспар конструкциятыгар сөп түбэһии сибэдиэтэлистибэтин ылар ирдэммэт”, — диэн хоруйдаатылар.

Маны ааҕааччыларбытыгар тиийимтиэ гына судургутук баһааран биэрэригэр көрдөспүппүтүгэр, СӨ ИДьМ ГИБДД управлениетын суолга куттар суол буолуутугар салаатын иниспиэктэрэ Владимир Ощепков: “Түргэнник уһуллар таһаҕас тиэйэр тэрили (багажник) собуокка оҥоһуллубут эрэ буоллаҕына олордор ирдэнэр. Ол эрээри, собуокка оҥоһуллубут түргэнник уһуллар оннук тэрили, туттарыытын бэйэлэрэ оҥорон олордоллоро көҥүллэммэт.

Таһаҕас тиэйэр тэрили (багажник) туруоруллар түргэнник уһуллар туорай (поперечина) туох даҕаны эбии уларытыыта, эбиитэ-сабыыта суох, тиэхэньиичэскэй ирдэбилгэ сөп түбэһэр собуот оҥоһуута буолуохтаах. Сертификацияҕа хайдах суруллубутунан сылдьыахтаах”, — диэн быһаарда.

Өскөтүн итинтэн туорааһын баар, туох эмэ эбиини-сабыыны киллэрдэххэ “Административнай быраабы кэһии кодексын” 12.5 ыстатыйатын 1 чааһынан 500 солк. ыстарааптаныахха сөп.

+1
13
+1
77
+1
3
+1
1
+1
12
+1
4
+1
23
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: