Массыына ыытар бырааба суох сылдьан саахалга түбэспит

Массыына ыытар бырааба суох сылдьан саахалга түбэспит

Ааптар:
08.01.2025, 09:35
https://t.me/ogibdd14
Бөлөххө киир:

Хомойуох иһин, күннэтэ кэриэтэ  өрөспүүбүлүкэ, киин куорат суолларыгар суол саахала тахса турар. Ол курдук тохсунньу 7 күнэ үүнэр түүнүгэр,  3 чаас саҕана, Госавтоиниспиэксийэ дьуһуурунай бөлөҕөр Покровскайдыыр  суол 10 км суол быһылаана тахсыбытын туһунан иһитиннэрии киирбит.

Полиция сотрудниктара  тиийбиттэрэ, 1984 сыллаах төрүөх  дьахтар Toyota Corolla Fielder массыынаны ыытан иһэн уруулун сатаан туппакка, суолтан тахсан түҥнэстибит. Массыынаҕа суоппартан ураты икки пассажир баар эбит. Дьолго, ким да эчэйбэтэх.

Массыыналаах  дьахтар арыгы испит көрүҥнээх эбит, ол гынан баран мэдиссиинискэй көрүүттэн аккаастаммыт.  Аны дьахтар олох даҕаны суоппар ыытар бырааба суох эбит.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
2
+1
18
+1
2
+1
11
Бары сонуннар
Салгыы
9 января
  • -26°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 70% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: