Массыыналар харсыһыылара, түөкүттэр айдааннара
Саха сиригэр суукка иһигэр буруйу оҥоруу 5 түбэлтэтэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр ыытыллаллар уонна борокуратуура хонтуруолугар киирбит.
Дьокуускайга 1999 с.т. эр киһи доруобуйатыгар ыарахан эмсэҕэлээһини ылбыт. Уоруу уонна түөкүннээһин туһунан сайабылыанньалар эмиэ киирбиттэр. Ол курдук, табаары атыылааһынынан, «Росфинмониторинг үлэһитэбин» диэн албыннаан дьон 1,1 мөл. солк. харчытыттан мэлийбиттэр. Нерюнгригэ наркотиги эргитии түбэлтэтэ тохтотуллубут.
Киһи өлүүлээх суол-тырааныспар быһылаана бэлиэтэммэтэх. Дьокуускайга «КамАЗ» суоппара Покровскайдыыр аартыкка куттала суох дистанцияны тутуспакка, «Хово» массыынаны кытары харсыспыт. Ол түмүгэр «КамАЗ» суоппара балыыһаҕа киллэриллибит.
Суукка устатыгар арыгы иһэн баран массыына ыыппыт 17 киһи тутуллубут.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: