Салгыы
Массыынанан оҕолору таарыйан ааспыт суоппары булбуттар

Массыынанан оҕолору таарыйан ааспыт суоппары булбуттар

16.08.2024, 13:53
Хаартыска: Киин куорат Госавтоинспекцията.
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ киэһэ Эргэ Табаҕаҕа киириигэ суол кытыытынан баран иһэр оҕолору массыына таарыйан ааспытын, оҕолор балыыһаҕа киирбиттэрин туһунан сурах түргэнник тарҕаммыта. Бу суоппары туппуттар.  

“Тойота Камри” мааркалаах судаарыстыбаннай регистрационнай нүөмэрэ суох массыынаны ыытан иһэр 42 саастаах эр киһи Эргэ Табаҕаҕа баран иһэн скоростной эрэсиими тутуспакка итиэннэ уруулун кыайан салайбакка, суол кытыытынан баран иһэр оҕолору таарыйан ааспыта быһаарыллыбыта. Ол кэнниттэн кини суол быраабылатын кэһэн туран, быһылаан тахсыбыт сириттэн куоппут. Сокуону кэһээччини аҕыйах мүнүүтэ иһигэр булбуттара. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн итирик туруктааҕа, арыгы иһии туругун бэрэбиэркэлээһин 1,14 мг/л көрдөрбүтэ быһаарыллыбыта. Ону тэҥэ, бу киһи массыына ыытар дастабырыанньата суох. Киниэхэ РФ Административнай быраабы кэһии кодексатын 12.8 ст. 3 ч. административнай матырыйаал толорулунна.

Суол саахалын түмүгэр 17 саастаах тостуулаах уонна хайыта тардыллыбыт баастаах икки оҕону балыыһаҕа киллэрбиттэрэ. Үһүс оҕону тастан эмтэнэргэ ыыппыттара. Оҕолор бары сырдыгы тэйитэн көрдөрөр бэлиэтэ (элэмиэнэ) суох сылдьыбыттар”, – диэн ГИБДД салаата иһитиннэрэр.

+1
2
+1
1
+1
0
+1
0
+1
14
+1
1
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -31°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 76% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: