Салгыы
Мастар, талахтар, сэппэрээктэр сахалыы ааттарын төһө билэҕин?

Мастар, талахтар, сэппэрээктэр сахалыы ааттарын төһө билэҕин?

08.06.2023, 18:30
Хаартыска: Людмила Попова.
Бөлөххө киир:

Сороҕор, тулалыыр эйгэҕэ сыһыаннаах тыллар сахалыы ааттарыгар мунаахсыйан мөккүөр бөҕөнү таһаарабыт. Онон кэмиттэн-кэмигэр санатан ааһар тоҕоостоох. Бүгүн мастар, талахтар, сэппэрээктэр сахалыы ааттарын көрүөҕүҥ. Биология билимин дуоктара, Саха сирин ытыктанар учуонайа Г.С. Угаров эрэдээксийэтинэн 1993 сыллаахха тахсыбыт “Биология терминнэрин нууччалыы-сахалыы тылдьыта” кинигэтиттэн туһанныбыт.   

Мастар — деревья:

Береза белая – үрүҥ хатыҥ,

Береза плосколистная – хатыҥ, лаппыгыр сэбирдэхтээх хатыҥ,

Ель аянская – харыйа, айаан харыйата,

Ель сибирская – харыйа, сибиир харыйата,

Лиственница Гмелина – тиит, Гмелин тиитэ,

— лиственница Каяндера – тиит, Каяндер тиитэ,

— лиственница сибирская – сибиир тиитэ,

Осина – тэтиҥ,

Пихта сибирская – ыылаах харыйа,

Сосна сибирская (кедр) – сыалаах мас,

Тополь душистый – тирэх, сыттаах тирэх,

Черемуха азиатская – хаппырыас, азия хаппырыаһа,

Чозения крупночешуйчатая – уулаайы.

Кустарники — талахтар:

Береза кустарниковая – ыарҕа, миинньик талаҕа,

Береза Миддендорфа – Миддендорф ыарҕата,

Береза тощая – хара ыарҕа,

Боярышник даурский — долохоно, даурия долохоното, ньалыкта,

Бузина сибирская – бузина, сибиир бузината,

Жимолость алтайская – тураах сугуна,

Жимолость съедобная – сугун абаҕата,

Ива аляскинская – аляска үөрэтэ,

— Бебба или сухолюбивая – үөт, Бебб үөтэ,

— грушанколистная – күөпсэ талаҕа,

— енисейская – енисей үөтэ,

— колымская или боганидская – халыма иирэтэ,

— корзиночная (Гмелина) – иирэ,

— копьевидная – сигэ талаҕа,

— красивая – үчүгэй үөт,

— Крылова – Крылов үөтэ,

— ложнопятитычинковая – уол талах,

— полярная – хотугу үөт,

— сетчатая – ардьаҥ үөт,

— сизая – бороҥ үөт,

— трехтычинковая – хара үөт, үс тычинкалаах үөт,

— удская – уда үөтэ,

— черничная – кыыл талаҕа, харастыҥы үөт,

— Шверина – Шверин үөтэ,

— шерстистая – түүлээх үөт,

Кизильник редкоцветковый – чыҥкы, сэдэх сибэккилээх чыҥкы,

Кизильник черноплодный – чыҥкы, хара чыҥкы,

Курильский чай – быта уга,

Малина сахалинская – биэ эмиийэ, өлдьүүкэ,

Можжевельник обыкновенный (м. даурский, м. сибирский) – кытыан,

Ольха волосистая – сиһик, баттахтаах сиһик,

Ольха кустарниковая – талах сиһик,

Ольха сибирская – сиһик, сибиир сиһигэ,

Роза даурская – дөлүһүөн, даурия дөлүһүөнэ,

Роза иглистая – дөлүһүөн,

Роза якутская – дөлүһүөн, саха дөлүһүөнэ,

Рябина сибирская – сарбынньах,

Рябинокизильник Позднякова – чыҥкыныар, Поздняков чыҥкыныара,

Рябинник рябинолистный – сарбынньах сиэнэ,

Свидина белая – кыһыл талах,

Смородина дикуша – уохта,

Смородина красная — хаптаҕас,

Смородина малоцветковая – моонньоҕон,

Смородина черная – моонньоҕон, дьордьомо,

Смородина моховка – моонньоҕон,

Стланик кедровый – болбукта,

Таволга иволистная – кыһыл тамалҕан,

Таволга средняя – үрүҥ тамалҕан.

Полукустарники и кустарнички – сэппэрээктэр уонна отон уктара:  

Арктоус красноплодный – тураах отоно,

Багульник болотный – сэппэрээк,

Брусника – уулаах отон,

Голубика – сугун,

Кассандра прицветниковая – кассандра,

Костяника – ынах эмиийэ,

Клюква мелкоплодная – күлүүкүбэ,

Подбел многолистный – андромеда,

Рододендрон даурский – чэмпэрээк,

Толокнянка боровая – уҥуохтаах отон,

Черника – харас,

Шикша черная – киис отоно, киичэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
6 ноября
  • -29°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: