Матрена Слепцоваҕа «Үйэ саас» бочуоттаах бэлиэ туттарылынна
Чурапчы нэһилиэгин ытык саастаах олохтооҕо Матрена Никитична Слепцова бүгүн, атырдьах ыйын 20 күнүгэр, 100 сааһын сүһүөҕэр сылдьан көрүстэ.
«Ытыктыыр киһибитигэр тиийэн эҕэрдэлээн туран, РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин тэлэгирээмэтин уонна Ил Дархан Айсен Николаев олохтообут “Үйэ саас” бочуоттаах бэлиэни туттардыбыт. Күндү киһибитигэр уонна кини чугас дьонугар чэгиэн доруобуйаны, дьоллоох олоҕу баҕарабын», — диэн Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев ТГ-ханаалыгар иһитиннэрдэ. Матрена Никитична 10-тахса сиэннээх, 20-тэн тахса хос уонна 2 хос-хос сиэннээх.
Санаттахха, Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ, II, I истиэпэннээх «Ийэ буолуу» мэтээллэр хаһаайката Матрена Слепцова Ил Дархан Айсен Николаев бу сыл атырдьах ыйын 16 күнүнээҕи 401№-дээх Ыйааҕынан «Үйэ саас» бочуоттаах бэлиэнэн наҕараадаламмыта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: