От ыйын 27 күнүгэр, СӨ «Судаарыстыбаннай сакаасчыт сулууспата» тэрилтэ генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Владимир Жирков оробуочай сырыытын чэрчитинэн, Мөҥүрүөн нэһилиэгэр (Матта сэлиэнньэтэ) кырдьаҕастар олорор дьиэлэрин тутуута хайдах баран иһэрин билистэ.
Оробуочай бөлөххө киирсэн улуус тутууга салалтатын салайааччыта Илья Григорьев, «Электромонтаж» ХЭТ кылаабынай инженерэ Людмила Захарова, Мөҥүрүөн нэһилиэгин баһылыга Иннокентий Андросов эбийиэккэ сырыттылар.
Бу туһунан Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Манна өрөспүүбүлүкэтээҕи кырдьаҕас дьон олорор киэҥ уораҕайдара тутулла турар, 2025 сылга олоххо киириэхтээх. Тутуу сыбаайалара түһэннэр, бастакы этээһэ тутуллан эрэр.
Тутааччылар Владимир Жирковка үлэ хаамыыта хайдах баран иһэрин көрдөрдүлэр, туох ситэн-хотон иһэрин, эбии өссө туох наадатын билиһиннэрдилэр.
«Эбийиэк «Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн, федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөттэрэ өйөөһүннэринэн тутуллан эрэр. Үлэни бэдэрээччит «Электромонтаж» ХЭТ ыытар, эбийиэккэ 31 киһи үлэлии-хамсыы сылдьар. Үлэ гыраапык быһытынан баран иһэр», — СӨ «Судаарыстыбаннай сакаасчыт сулууспа» тэрилтэ генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Владимир Жирков кэпсээтэ.
Оттон «Электромонтаж» ХЭТ кылаабынай инженерэ Людмила Захарова: «Былаан быһыытынан быйыл дьиэ көҥдөйө бүтүөхтээх. Үлэ тиһигин быспакка салҕанан барар. Матырыйаалларбыт кэмигэр кэлэллэр. Кырдьаҕастар олорор дьиэлэрэ 51 миэстэлээх буолуохтаах. Инфраструктуратын туһунан сырдатар эбит буоллахха, манна киэҥ саала, остолобуой, искибиэр, сынньанар сир, ыскылаат, хараас уонна дьон дьарыктаах буоларыгар мастарыскыайдар баар буолуохтара. Тутуу «Н» буукуба курдук быһыылаах буолуо. Биир өттө эмтэнэр сирдэрэ, биир өттө олорор куорпустара».
Сааһырбыт аҕам саастаах көлүөнэ дьон үрдүттэн олорон сынньаналларыгар-эмтэнэллэригэр олус табыгастаах, тупсаҕай тутуулаах киэҥ-куоҥ уораҕай аны аҕыйах сылынан Мэҥэ Хаҥалас улууһугар дьэндэйэн тахсан үлэлиэ-хамныа турдаҕа.
Уус Алдаҥҥа Бээди төһө даҕаны киинтэн тэйиччи, кытыы буолбутун иһин, олус сэргэх олохтоох. Манна бааллар…
Гавриил Спиридонович Угаров-Эһээ Дьыл ХИФУ бэрэпиэссэрэ, биология билимин дуоктара, фантаст-суруйааччы. Ытык киһи Эһээ Дьыл диэн…
Ил Тумэҥҥэ ыытыллыбыт парламент истиилэригэр бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйатын элбэтии кыһалҕаларын уонна кэскилин дьүүллэстилэр. Мунньаҕы…
Тохсунньу 1 күнүгэр киин куоракка Курнатовскай аатынан уулуссаҕа Toyota Succeed массыына 55 саастаах суоппара утары…
Күн-дьыл туруга бу күннэргэ хайдаҕый? Төһө тымныйарый? Өрөспүүбүлүкэ хотугулуу-арҕаа, арҕаа, соҕуруулуу-арҕаа улуустарыгар кыралаан кыралаан хаардыыр.…
2025 сылга болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…