Ахсынньы 7-10 күннэригэр Дьокуускай куоракка 14-18 саастаах үөрэнээччилэргэ «Медиахакатон» айар куонкурус буолла. Саха сирин оскуолаларыттан 48 үөрэнээччи 12 хамаанданан хас да күн устата медиа-эйгэ исписэлиистэригэр тэтимнээх үөрэх бырагырааматын ааста. Ол түмүгүнэн бэйэлэрин пилотнай бырайыактарын билиһиннэрдилэр. Ити идиэйэлэри түргэнник быһаарыы, сценарийдары суруйуу эйгэтигэр киирэн ылыы этэ.
«Медиахакатон» куонкурус иккис төгүлүн ыытыллар уонна хайыы үйэ өрөспүүбүлүкэ көхтөөх уонна креативнай ыччаттарыгар киэҥник тарҕанна. Куонкуруһу Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондата, Үүнэр көлүөнэ паарката, «Медиашкола» креативнай дьоҕурдар аан дойдутааҕы оскуолалара АЛРОСА хампаанньа үбүнэн көмөтүнэн ыыталлар.
«Икки сылынан сылы быһа үлэлиир пааркалаах үөрэхтээһин киинин тутуу түмүктэниэҕэ. Ол иһин, Пааркаҕа бэлэмнээх дьон киирэр туһуттан биһиги хамаандалары тэрийэбит уонна араас тэрээһиннэри ыытабыт. Биһиги үүнэр көлүөнэ креативнай индустриялар эйгэлэригэр ситиһиилэнэригэр көмөлөһүөхтээхпит. Мин санаабар, хамаандалар бары сорудахтарын үчүгэйдик толордулар. Сүрүнэ – кинилэр тугунан да сыаналаммат үөрүйэҕи ыллылар. Ол гынан баран, “Медиахакатон” – сорудахтары толоруу эрэ буолбатах, бу – саҥа санаалар уонна инникитин бэйэлэрин бырайыактарын олоххо бииргэ киллэриэхтэрин сөптөөх, креативнайдык толкуйдуур биир саастыылаахтарын кытары билсии», – диэтэ Үүнэр көлүөнэ пааркатын дириэктэрэ Вадим Яковлев.
Кини бэлиэтээн эппитинэн, Паарка тэрээһиннэрин кыттыылаахтара кинилэртэн көмө көрдүөхтэрин уонна бэйэлэрин бырайыактарын олоххо киллэрэллэригэр өйөбүлү ылыахтарын сөп. Ол курдук, тэрилтэ Креасфера үөрэхтээһин киинигэр миэстэни, наадалаах тэрили, ментордары биэриэн, үп боппуруостарын быһаарыан сөп.
Тэрийээччилэр ааспыт «Медиахакатоҥҥа» бэйэлэрин продюсер, оператора, таҥааччы (монтажер), дизайнер оруолларыгар киирэннэр, сценарийдарга үлэлээбит, артыыс оруоллаах үөрэнээччилэри түмпүттэрэ.
«Биһиги маннык тэрээһиннэри ыытаммыт, обургу оҕолор уонна ыччат креативнай уопсастыбатын оҥорорго үлэлиибит. Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондата, Үүнэр көлүөнэ паарката, биһиги «Медиаоскуолабыт» АЛРОСА хампаанньа өйөбүлүнэн кинилэргэ усулуобуйа оҥоруунан дьарыктаналлар. Биһиги тэрээһиммит хас биирдии кыттааччыта элбэх эниэргийэни, үөрүйэҕи ылла уонна бэйэтин креативнай сатабылларын сайыннарарга көҕүлээһин оҥоһулунна дии саныыбын.
Биһиги өрөспүүбүлүкэбит креативнай индустриялар эйгэлэригэр каадырдарга наадыйар, мин санаабар, биһиги уопсай дьыалаҕа бэйэбит кылааппытын киллэрэбит», – диэн «Медиаоскуола» дириэктэрэ Дмитрий Попов санаатын үллэһиннэ.
Хампаанньа биир мүнүүтэҕэ промо-ролигы уонна ону киэҥ эйгэҕэ таһаарыы былаанын оҥорорго сорудахтаабыта. Онуоха тус сыаллаах аудитория ролигы көрөн баран, АЛРОСА Телеграм-ханаалыгар суруйтарыан, салгыы хампаанньаҕа үлэлии киириэн баҕалаах ыччаты хабыахтааҕа.
«Биһиги бастакы күммүтүгэр АЛРОСА бэрэстэбиитэллэрин кытары сценарийы дьүүллэспиппит, бигэргэппиппит уонна үлэлээн барбыппыт. Үлэбит кэмигэр кэккэ күүтүллүбэтэх түгэннэри көрсүбүппүт. Аан бастаан биһиги сүрүн артыыска кыраапыгар кыбыллыахтаах этибит (кини үһүс күнүгэр ыалдьан хаалан салгыы устар кыаҕа суоҕа). Онон суһаллык атын артыыһы көрдүүргэ уонна хос устарга күһэллибиппит. Сүрүнэ, биһиги барытын ситэрэн оҥорбуппут.
Биһиги бу ролигынан хампаанньаҕа үлэлээһин кэскиллээҕин көрдөрөргө кыһаллыбыппыт. Ролигы тарҕатарга кэмиэрчэскэй этиини – киинэ тыйаатырдарыгар уонна «Саха» НКИХ ханаалыгар реклама нөҥүө көрдөрөргө, ону таһынан бүддьүөт көрүҥүн – Телеграм-ханааллар уонна «Медиаоскуола», Үүнэр көлүөнэ пааркатын Вконтакте страницаларын нөҥүө билиһиннэрэргэ этии киллэрбиппит», – диэн продюсер, хамаанда дизайнера Никита Неустроев кэпсээтэ.
Пуонда бэйэтин үлэтин уонна миссиятын арыйар биир мүнүүтэлээх видеоролигы оҥорор сорудаҕы биэрбитэ. Тус сыаллаах аудитория: 14-тэн 35-гэр диэри саастаах ыччат.
«Биһиги сорудахпыт – пуонда үлэтин туһунан билбэт ыччакка бу видеоролик кыһалҕаны быһаарарга көмөлөһүөхтээх. Биһиги бу сабаҕалааһыны Медиахакатон кыттыылаахтарыттан бэрэбиэркэлииргэ быһаарыммыппыт уонна үгүстэр пуонда туһунан истэллэрин, ол гынан баран үлэтин-хамнаһын улаханнык билбэттэрин быһаарбыппыт. Ол иһин, араас видеофрагменнары киллэрэн, интервью быһыытынан оҥорбут үлэбитигэр биһиги Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондата үөрэнээччилэри уонна саҥа саҕалыыр эдэр исписэлиистэри хайдах өйүүрүн көрдөрбүппүт. Биһиги бэйэбит да бу өйөбүлү ылбыт дьон буолабыт», – диэтэ продюсер, хамаанда оператора Вадим Ефремов.
Айсен Соколов, Дьокуускай куорат, 11 кылаас:
– Биһиги кейсодателбытынан Идэҕэ урутаан бэлэмниир киин буолбута. Видеоролик устуохтаах этибит. Талан ылбыт рилспитигэр оскуолаҕа уонна бу Кииҥҥэ дьүөрэлээн үөрэнэр, ону сэргэ үлэлиир үөрэнээччи биир күнүн көрдөрбүппүт. Биһиги «дьиикэй» тэтиминэн үлэлээбиппит, тоҕо диэтэххэ баара-суоҕа икки эрэ хонуктаах этибит. Мин, эмиэ Киноманияҕа курдук, оператор уонна продюсер оруолун толордум. Биһиэхэ күнүскү бириэмэҕэ аҕыйах күн бэриллибитэ хомолтолоох этэ. Атын оҕолору кытары элбэхтик алтыһар, холбоһуктаах үлэҕэ улахан болҕомтону уурар туһугар, маннык эйгэҕэ суукка 24 чааһыгар сылдьыахпытын баҕарбыппыт.
Уйгун Романов, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Нуораҕана сэлиэнньэтэ, 10 кылаас:
– Мин бу иннинэ «КиноМания» үөрэх интенсивыгар кыттыбытым. Ол кэнниттэн миигин Медихакатоҥҥа кыттарга ыҥырбыттара. Мин эмиэ хамаандаҕа таҥааччы буолбутум. Ол гынан баран, Киноманияттан уратыта диэн, манна үлэни оҥорорго икки эрэ күн бэриллибитэ. Биһиги чэппиэргэ билсиспиппит, кейсодателы кытары көрсүбүппүт уонна сценарийга, презентацияҕа үлэлээн барбыппыт. Барыта олус чиҥ уонна суһал этэ.
Маннык хабааннаах тэрээһиннэргэ мин иккитэ кытынным уонна барытын олус сөбүлээтим. Ол аайы бэйэҕэ эрэнэриҥ күүһүрэн иһэр – таҥааччы идэтигэр үөрэнэ киирэргэ бэйэбин бэлэмнээн эрэбин.
Дима Крылов, Дьокуускай куорат, 11 кылаас:
– Мин кылгас кээмэйдээх бастакы киинэбин быйыл атырдьах ыйыгар оҥорбутум уонна ГИКФест бэстибээлгэ кыттан, бастакы миэстэни ылбытым. Бу барыта киһини көҕүлүүр, ол да иһин, иккис-үһүс киинэбин устубутум, атын куонкурустарга кыттыбытым. «Медиахакатон» туһунан алҕаска билбитим. Хамаандаҕа оператор оруолун толорбутум. Киһини олус тардар үлэ! Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондатын ханнык эмэ атын тэрээһинигэр кыттан хаалыахпын баҕарабын.
Нелли Корнилова, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтэ, 8 кылаас:
– Мин креативнай индустриялар эйгэлэригэр 2020 сылтан баарбын. Биһиги оскуолабытыгар баар медиа-кииҥҥэ суруналыыстыканан дьарыктанабыт. Ол да иһин, бу куонкурус миигин интэриэһиргэппитэ. Мин олус элбэх саҥа иһитиннэриини биллим. Инникитин суруналыыстыка салаатыгар үөрэнэ киирэн, оператор буолуохпун, ыстатыйалары суруйуохпун эмиэ баҕарабын. Бу ханнык баҕарар суруналыыска дьоһуннаах үөрүйэх дии саныыбын.
Еремей Матчитов, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Өлөчөй с., 8 кылаас:
– Креативнай индустриялар хайысхаларын быйыл сааскыттан ыла кэрэхсээн барбытым. Маннык тэрээһиҥҥэ аан бастаан кытынным. Видеоны таҥарга үөрүйэхтээх буоламмын, саас доҕотторбор көмөлөспүтүм. Кинилэр миигин «Медиахакатоҥҥа» кыттарбар эппиттэрэ. Мин олус элбэх бэйэм саастыылаахтарбын кытары билистим, биһиги элбэҕи биллибит. Сүрүнэ – мин видеоны таҥарга туһалаах үөрүйэҕи ыллым.
Кыаллар буоллаҕына, инникитин моушн-дизайнер эбэтэр таҥааччы буолуом этэ дии саныыбын.
Лера Дедюхина, Дьокуускай куорат, 10 кылаас:
– Мин бу иннинэ Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондата тэрийбит саахымат турнирын сыыппаралаах уруһуйдарын куонкуруһугар кыттыбытым. Ол гынан баран, «Медиахакатоҥҥа» олус элбэх көхтөөх уонна чахчы талааннаах оҕолор бааллар. Мин хамаандаҕа дизайнер оруолугар сылдьыбытым, презентацияны оҥорбутум. Планшекка элбэхтик уруһуйдуурбун сөбүлүүрбүнэн, дизайнер буолуохпун баҕарабын.
Оператор бастыҥ үлэтэ – Айсен Соколов, Никита Гребеневич-Воронин
Бастыҥ дизайнер – Павел Довнар
Бастыҥ таҥааччы – Айсен Устинов
Бастыҥ блогер – Тамара Антипина
Бастыҥ продюсер – Екатерина Егорова
Көрөөччүлэр биһирэбиллэрин бирииһэ – «Орион»
I миэстэ – «Медиастар»
II миэстэ – «nineframe»
III миэстэ – «aiQuatro»
Тэрээһин бүтүүтүгэр Вадим Яковлев Skills Camp, КиноМАНиЯ, Медиахакатон, сыыппара худуоһунньуктара, маастар-кылаастар курдук эһиилги тэрээһиннэргэ бэлэмнэниини билиһиннэрдэ.
Ол туһунан иһитиннэриилэри parkyakutia.ru саайтка уонна @parkyakutia Телеграм-ханаалга билсиэххэ сөп.
Андрей ШИЛОВ суруйуутуттан тылбаас
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038