Мэдиссиинэ киинигэр Михаил Николаев аата иҥэрилиннэ
Ил Дархан Айсен Николаев Мэдиссиинэ национальнай киинигэр Михаил Ефимович Николаев аатын иҥэрдэ.
Дьаһал бу сэтинньи 13 күнүгэр, Бастакы Бэрэсидьиэммит 85 сааһын бэлиэтиигэр үөрүүлээх күнүгэр ылыллыбыта оруннаах. Бу күннэргэ Национальнай мэдиссиинэ киинэ тэриллибитэ 30 сылын бэлиэтиир.
Михаил Николаев 90-с сыллар саҥатыгар доруобуйа харыстабылын сайыннарар сыаллаах бу киини туттаран дьонун-сэргэни абыраабыт улахан өҥөлөөх. Саха сиринээҕи Мэдиссиинэ национальнай киинин албан ааттаах историята 30 сыл анараа өттүгэр саҕаламмыта. Билигин киин аан дойдуга баар аныгы оборудованиетынан хааччыллан, өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтигэр үрдүк технологиялаах мэдисиинэ көмөтүн оҥорор кыахтаах базалаах. Быйылгы үбүлүөйдээх сылга аныгылыы оҥоһуулаах, аан дойду таһымыгар эппиэттиир кардиология уонна неврология Кардиососудитай киинэ үлэҕэ киирдэ.
Онон сүдү киһибитигэр, Михаил Ефимовичка дьон-сэргэ махтала муҥура суох. Кини аатын үйэтитии, саха норуотун барҕа махтала буолар диэххэ сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: