Мэдиссиинэ биир тэрилтэтигэр эмтэнии — суолтата улахан

Share

Онкология киинэ Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыагын чэрчитинэн тутулунна.

Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев эбийиэк иккис уочаратын үбүлээһин туһунан көрдөһүүтүн парламент истиилэригэр тириэрдибитин кэннэ киэҥ хабааннаах үлэҕэ аан бастаан федеральнай бүддьүөттэн 5,9 миллиард суумалаах үп бэриллэрэ 2019 сыллаахха бигэргэтиллибитэ. Тутууну ыытыы пандемия уонна матырыйааллар ыарыыр, онтон мэдиссиинэ тэриллэринэн сэбилээһин арҕаа дойдулар биллэрбит саансыйаларын кэмнэригэр түбэспитэ. Өрөспүүбүлүкэ былаастарын дьаныардарынан уонна федеральнай, бастатан туран, Арассыыйа бэрэсидьиэнин, өйөбүллэринэн кыһалҕалары туораппыттара. 2022 сыллаахха Федерация сэбиэтэ тутууга эбии 2 миллиарды биэрэри өйөөбүтэ. Онтон 2023 сыл бүтүүтэ Михаил Мишустин федеральнай бырабыыталыстыба эбии 1,26 миллиарды, ол иһигэр тэрилинэн сэбилээһиҥҥэ, көрөрүн туһунан иһитиннэрбитэ.
Саха сиригэр аһыллыбыт Онкология киинин суолтатын туһунан Эмтэнээччилэр Бүтүн Арассыыйатааҕы сойуустарын хос бэрэссэдээтэлэ Юрий Жулев маннык иһитиннэрдэ:
«Кэнники сылларга араак мүлчүрүйбэт (фатальнай) ыарыынан ааҕыллыбатын үрдүнэн, искэн ыарыныы бигэргэтии -– киһиэхэ улахан стресс. Ол иһин, киниэхэ ханна уонна хайдах көмө оҥоһуллуоҕун туһунан чопчу билэрэ улахан суолталаах. Онон сибээстээн, Онкология диспансера аһыллыбыта кэрэхсэбиллээх, тоҕо диэтэххэ, эрэгийиэн эмтэнээччилэри аныгы ньыманан толору эмтиир инфраструктураланна.
Саха сирин олохтоохторо мэдиссиинэ биир тэрилтэтигэр эмтээһин кууруһун барытын бараллара, мэдиссиинэ бары көрүҥүнэн туһаналлара -– ыарыыны быһаартарыыттан үрдүк технологиянан эмтээһиҥҥэ уонна доуробуйаны чөлүгэр түһэриигэ тиийэ — улахан суолталаах. Ону таһынан бириэмэни сүтэрэн, араас атын  тэрилтэлэргэ барарга-кэлэргэ күүстэрин барыахтара суоҕа. Онкологияҕа көмөнү оҥоруу төһө түргэнэ уонна кэмигэр саҕаланара эмтэнии түмүктэх буоларыгар дьайар».

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

5 часов ago