Мэдиссиинэ исписэлиистэрин тыа сиригэр үлэлэтэргэ 234 мөлүйүөн көрүлүннэ

Share

Саха сиригэр быйыл мэдиссиинэ каадырдарын үлэҕэ ылыы  бырагырааматыгар 234 мөлүйүөн бэрилиннэ.

Бу үп эмчиттэргэ “Тыа сирин доктора” бырагырааманан уонна “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак чэрчитинэн бэриллэр.

“Тыа сирин доктора” бырагырааманан быраастар нэһилиэнньэлээх пууннарга, куорат тииптээх бөһүөлэктэргэ үлэлииллэригэр 2-лии мөлүйүөнү уонна 50 тыһыынчаҕа тиийэр нэһилиэнньэлээх куораттарга 1-дии мөлүйүөнү ылаллар.

Онтон “Тыа сирин биэлсэрэ” бырагырааманан биэлсэрдэр, акушердар уонна мэдиссиинэ сиэстэрэлэрэ тыа сирин нэһилиэнньэлээх пууннарыгар, куорат тииптэх бөһүөлэктэргэ 1-дии мөлүйүөнү уонна 50 тыһыынчаҕа тиийэ нэһилиэнньээх куораттарга 500 тыһыынчаны ылаллар.

Бырагыраамаларга мэдиссиинэ үлэһиттэрэ саастарыттан тутулуга суох кыттыахтарын сөп.

Бу бырагыраамалары олоххо киллэрии көдьүүһүн көрдөрүүтэ былырыын 100% этэ. Тыа сирин нэһилиэнньэлээх пууннарыгар 2023 сылга 16 мэдиссиинэ исписэлииһэ, ол иһигэр 117 быраас уонна 49 биэлсэр үлэҕэ ылыллыбыта.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэрэсидьиэн сорудаҕынан дойдуга дьиэ кэргэни өйүүр тиһиги тупсарыахтара

Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин пресс-кэмпириэнсийэтин – быһа эпиирин…

14 минут ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Сонуннар

РФ Бэрэсидьиэнин үрдүк сыанабыла өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар ураты суолталаах

Саха сирэ үчүгэйдик сайдар уонна Бэрэсидьиэн этэринэн, бойобуой киирсии лииньийэтигэр аан да дойдуга суох байыастары…

21 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэрэсидьиэн утильсбор туһунан эттэ

Суруналыыс омук массыынатын ылыныам диэн биэс сыл харчы мунньуммут. Ол эрээри, массыынаҕа сыана олус үрдээн…

33 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Үөрэх

Мэдиссиинэ университетын устудьуона Бэрэсидьиэҥҥэ ыйытыы биэрдэ

Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сылы түмүктүүр пресс-кэмпириэнсийэтигэр тыһыынчанан ыйытыы киирэр. Онтон биирдэстэрин мэдиссиинэ университетын 5-с…

55 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Владимир Путин Арассыыйа Дьоруойа Андрей Григорьев туһунан киинэни өйүүрүн биллэрдэ

Владимир Путин Саха сириттэн төрүттээх Арассыыйа Дьоруойа Андрей Григорьев туһунан киинэни өйүүрүн биллэрдэ. Саха сириттэн…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Владимир Путин: “Арассыыйаҕа 2025 сылга 103-105 мөл кв.м. олорор дьиэни тутуохтара”

Арассыыйаҕа саҥа дьиэни үлэҕэ киллэрии кээмэйэ 2025 сыл түмүгүнэн былырыыҥҥытааҕар кыратык аччыаҕа уонна 103-105 кв.м.…

2 часа ago