Мэдиссиинэ национальнай киинэ “Үтүө санаа харыйатыгар” кытынна
Станислав Жирков генеральнай дириэктэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи 1 №-дээх балыыһа-Мэдиссиинэ национальнай киинин кэлэктиибэ ахсынньы 13 күнүгэр “Үтүө санаа харыйата” аһымал аахсыйаҕа кыттыста.
Аахсыйа сүрүн соругунан Оҕо дьиэлэрин, коррекционнай оскуолалар иитиллээччилэрин Саҥа дьыллааҕы баҕа санааларын толоруу буолар. Аахсыйа кэмигэр хомуллубут бэлэхтэри анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын оҕолоро эмиэ туталлар.
Мэдиссиинэ национальнай киинин кэлэктиибэ куорат олохтоохторун эмиэ аахсыйаҕа кыттарга ыҥырар.
Аахсыйаҕа кыттыы быраабылата судургу: ахсынньы 31 күнүгэр диэри Саҥа дьыллаах аккырыыккалары уонна бэлэх ылан, харыйа таһыгар ууруохха наада. Аадырыстара: «Бубль Гум» (Кальвица, 14/5) уонна Дзержинскэй, 71, «Хозмаркет» маҕаһыыҥҥа (Чернышевскай уул., 107/1).
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: