Мэдиссиинэ Национальнай киинигэр – Хотугу пуорум ыалдьыттара

Share

Дьокуускайга төрдүс сылын ыытыллар Хотугу сир уонна Арктика  туруктаах сайдыытын кэскилин уонна кыһалҕаларын дьүүллэһэр  Хотугу пуорум кыттыылаахтара Өрөспүүбүлүкэтээҕи 1 №-дээх балыыһаҕа- Мэдиссиинэ Национальнай киинигэр ыалдьыттаатылар.

Михаил Ефимович Николаев аатынан Мэдиссиинэ национальнай киинигэр Ханты-Мансийскай автономнай уокурук губернатора Наталья Владимировна Комарова уонна Ямало-Ненецкай автономнай уокурук  губернатора  Дмитрий Андреевич Артюхов сырыттылар. Кинилэри СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина,  бэрэссэдээтэли бастакы солбуйааччы Кирилл Бычков уонна СӨ Доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева арыаллаатылар.

Ыалдьыттар Сүрэх-тымыр киинигэр телемэдиссиинэ уонна үрдүк технологиялаах мэдиссиинискэй тэриллэр үлэлэрин билистилэр. Кырдьыга да, Саха сиригэр биир улахан мэдиссиинискэй тэрилтэ — быйыл 30 сылын бэлиэтиир  Мэдиссиинэ киинэ ыраахтан-чугастан кэлбит дьоҥҥо көрдөрөрө, кэпсиирэ элбэх. Киин аһыллан атаҕар турарыгар, салгыы сайдарыгар  хас биирдии үлэһит күүһүн-уоҕун  биэрбитэ, доруобуйа харыстабыла сайдарыгар кылаатын киллэрбитэ. Кинилэр 30 сыл устата элбэх саҥаны арыйыылаах уонна ситиһиилээх, уустуктардаах уонна интэриэһинэй түгэннэрдээх уһун суолу тэлэн кэллилэр.

Мэдиссиинэ национальнай киинэ инники соруктара билигин да элбэх уонна киэҥ далааһыннаах. Инникитин үрдүк технологиялаах  мэдиссиинискэй көмөнү, геномнай мэдиссиинэни, биомедицинскай технологиялары уо.д.а. киллэрии былааннанар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Норуот ньыматынан эмтэнии

Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…

17 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Психологтар байыастарга сүбэ-ама биэрэллэр

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…

46 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Блогердыах баҕаттан…

Сорохтор уонунан, сүүһүнэн миэтэрэ үөһэ ытталлар, атыттар саастыылаахтарын кырбыылларын видеоҕа усталлар. Бу барыта биир эрэ…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Уһун үйэлэниэххин баҕараҕын дуо?

Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…

2 часа ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Табалаах уһуйааныгар оҕолору эбээн норуотун төрүт үгэстэригэр тирэҕирэн иитэллэр

Дьааҥы улууhугар Табалаахха оҕо уhуйааныгар "Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэригэр уhуйуу - төрөөбүт дойдуга бэриниилээх…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Мин бастакы идэм” бырайыак ыччаты өйүүр

Быйылгыттан Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн “Мин бастакы идэм” диэн үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин…

2 часа ago