Мэдиссиинэ тэрилтэлэрэ күүһүрдүллүбүт эрэсиимҥэ көстүлэр

Share

Илин эҥээр, Бүлүү бөлөх уонна киин улуустар, Дьокуускай куорат буруонан бүрүлүннүлэр. Бу тыалынан соҕуруулуу-илинтэн, Хабаровскай кыраай уонна Амур уобалаһын диэкиттэн кэлэр диэн бэлиэтээн тураллар.

Маннык буруо кэмигэр мэдиссиинэ тэрилтэлэрэ күүһүрдүллүбүт эрэсииминэн үлэлиэхтээхтэр диэн, Ил Дархан Айсен Николаев ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтэргэ уонна суох оҥорорго, баһаартан сэрэхтээх буолууга хамыыһыйа мунньаҕар эттэ. Айсен Николаев дьон-сэргэ доруобуйатын харыстыыр миэрэлэри муниципалитеттар таһымнарыгар ыларга соруйда. Баһаартан балаһыанньаны уустугунан сыаналаата, баһаардар сүрүннээн Уус Маайаҕа, Өлүөхүмэҕэ уонна Алдан оройуоннарыгар баалларын бэлиэтээтэ.

«Уопсайа 366 тыһ га иэннээх сиринэн барыта 127 ойуур баһаара бэлиэтэнэр. Билигин 264 тыһ га иэннээх сиринэн 59 ойуур уотун умулларыыга үлэ ыытылла турар. Баһаардар сүрүннээн үс оройуоҥҥа бэлиэтэнэллэр. Бу Уус Маайа, Өлүөхүмэ уонна Алдан оройуоннара буолаллар, манна уот хаппыт уопсай иэнэ 315 тыһ га. Итинтэн 200 тыһ га, ол эбэтэр улахан аҥаара Уус Маайа оройуонугар. Итинтэн уонна Хабаровскай кыраайга, Амур уобалаһыгар улахан баһаардартан Дьокуускайга, киин, өрүс уҥуоргу, Бүлүү бөлөх улуустарга хойуу буруо турар. Ол иһин, муниципалитеттар дьон-сэргэ доруобуйатын харыстыыр туһугар миэрэлэри ылалларыгар көрдөһөбүн. Доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэрэ күүһүрдүллүбүт эрэсииминэн үлэлииллэрэ наада«, — диир Ил Дархан.

Үөһэ этиллибит үс оройуоҥҥа уоту умуруорууга 1244 киһи үлэлиир. Өрөспүүбүлүкэ салайааччыта ити улуустарга үлэни күүһүрдэргэ соруйда. Биллэринэн, бүгүн Уус Маайа оройуонугар Красноярскайтан  «Авиалесоохрана» ФБУ  десантниктара уонна 25 парашютист тиийэллэр. Оттон Үөһээ Халыма оройуонугар эмиэ улахан болҕомтону уурарга  соруйда. Онно бу күннэргэ ардаҕа суох сылаас күн-дьыл турара ыйыллыбыта. Онон ити оройуоҥҥа 30 баһаарынньык бүгүн барар.

Маны таһынан, Айсен Николаев зондировщик-сөмөлүөт үлэтигэр туһунан сорудаҕы биэрдэ.  «Полярные авиалинии» АХ «Атмосфера» Ан-26 салгын аала өрөбүл күннэргэ Өлүөхүмэ оройуонугар үлэлээбитэ. Улууска өр кэмҥэ тохтобул кэнниттэн ардах түспүт. Оттон бүгүн борт Уус Маайа уонна Алдан оройуоннарыгар ыытыллар.

Гидрометкиин начаалынньыга Татьяна Маршалик иһитиннэрбитинэн, буруо бу күннэргэ турар. Ол гынан баран сарсыҥҥыттан, өйүүҥҥүттэн саҕалаан хотугулуу-илин быһыы-майгы арыый көнөн барыа. Роспотребнадзор салгын киртийиитин кэтээн көрөр, кэмнээн көрүү күҥҥэ үстэ ыытыллар.

 СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Recent Posts

  • Гороскоп
  • Интэриэһинэй

Нэдиэлэтээҕи гороскоп (ахсынньы 26-тохсунньу 2 күннэрэ)

Хой Бу нэдиэлэ саҕаланыыта улахан дьыалаҕа ылсыма, туттуна сырыт. Ол эрээри, уһун кэмнээх былааннары санааҕар…

59 секунд ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга -51 кыраадыс буолара күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 26 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -51 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кэбээйи оройуонун олохтоохторо массыынаны уоран барбыттарын иһин ыстараап төлүөхтэрэ

Кэбээйи улууһун суутун уурааҕынан оройуон биир нэһилиэгин олохтоохторо РФ Холуобунай кодексатын 166 ыстатыйатын 2 чааһын…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Яков Михайлов — «СОФИУМ» Бүтүн Арассыыйатааҕы быыбардыыр быраап олимпиадатын эрэгийиэннээҕи кыайыылааҕа

Бүгүн СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Евгений Федоров М.К. Аммосов аатынан ХИФУ үөрэтэр научнай киинин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саҥа дьылга тугу бэлэхтиибит?

Билигин үгүс киһи чугас дьоммутугар Саҥа дьылга тугу бэлэхтиибит диэн толкуйдаах сылдьар буолуохтаах. Саҥа дьылга…

13 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Үп министиэристибэтин үлэһиттэрэ байыаннай дьайыы бэтэрээнин кытары көрүстүлэр

СӨ Үп министиэристибэтин кэлэктиибэ байыаннай дьайыы бэтэрээнин, «Саха сирэ – Дьоруойдар дойдулара» бырагыраама кыттыылааҕын, билигин…

13 часов ago