Мэдиссиинэ университетын устудьуона Бэрэсидьиэҥҥэ ыйытыы биэрдэ

Share

Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сылы түмүктүүр пресс-кэмпириэнсийэтигэр тыһыынчанан ыйытыы киирэр. Онтон биирдэстэрин мэдиссиинэ университетын 5-с кууруһун устудьуона устан ыыппыт. Туох туһунан?

— Мин Кемеровотааҕы мэдиссиинэ университетын 5-с кууруһун устудьуонабын, тус сыаллаах миэстэҕэ үөрэнэбин. Үөрэхпин бүтэрэн баран бэйэм эрэгийиэммэр дуогабар быһыытынан үлэлииргэ бэлэммин. Ол эрээри, мин дуогабарынан үлэлиэхтээх сылларым 27-31 сааспар буолар, бу оҕо төрөтөргө, ыал буоларга саамай тоҕоостоох кэм. Ол гынан баран кыраапык ыгымынан, ноҕоруусканан уонна эдэр исписэлиистэр хамнастара намыһаҕынан сибээстээн, ону олоххо киллэрэр кыаллыбат. Дуогабарынан үлэни уонна ийэ буолууну ыстарааба, ыстааһы тохтоппокко эрэ бииргэ толорор устулуобуйа баар дуо эбэтэр оннук былааннанар дуо? Икки сорудаҕы тэҥинэн толорорго судаарыстыба хайдах көмөлөһүөй: оҕону төрөтүүнү уонна тус сыаллаах дуогабарынан үөрэххэ киирбиттэр булгуччу үлэлээһиннэрин? – диэн ыйытта.

Тустаах ыйытыыга дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин оҕолоох эдэр ыалы өйүүр миэрэлэр туһунан элбэхтик кэпсэттибит диэн эттэ. “Ординатураҕа үөрэнээччилэргэ сыһыаннаах кэлэр сыл кулун тутар 1 күнүттэн бэрээдэк олоххо киирэр. Онно олоҕуран, өскөтүн дьон ординатураҕа босхо үөрэнэр буоллаҕына, ыйыллыбыт кэм устата бырааһынан үлэлиэхтээх. Бу болдьоҕо араастаах, тыа сиригэр кылгас, куораттарга уһун. Ол гынан баран, бу бэйэтэ талан ылбыт үөрэҕэ. Бүддьүөт суотугар үөрэнэбин диэн сөбүлэҥ түһэрсэр, оччотугар үөрэҕи ылбытын иһин үлэлиэхтээх. Баҕарбат буоллаҕына, сөбүлэҥ баттаһымыан сөп, төлөөн үөрэниэн сөп. Ыал буолуу, оҕолонуу – хас биирдии киһи бэйэтин талар кыаҕа” – диэн хоруйдаата.

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

«Дойдум аһа» норуот аахсыйатыгар кыттыһаллар

Байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан Саха сирин олохтоохторо ким-туох кыахтааҕынан көмөлөһө олороллор. Бу барыта үтүө санаалаах дьон…

14 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ВИДЕО: Эмтиэкэттэн лосьон уоран сууттанар буолла

Билигин маҕаһыынтан эрэ буолбакка, оннооҕор эмтиэкэттэн табаары уораллар  эбит. Дьокуускай куоракка  полицейскайдар эмтиэкэттэн табаары уорбут …

44 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Оленегорскай олохтоохторо байыаннай дьайыыга көмөлөһөллөр

Аллайыаха улууһун кииниттэн, Чокуурдаахтан 141 килэмиэтир тэйиччи сытар кыракый Оленегорскай нэһилиэгин олохтоохторо байыаннай дьайыыга анаан…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай былааһын толорор уорганнарын 2025 сыллааҕы үлэлэрин түмүгүн отчуота

Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай былааһын толорор уорганнарын 2025 сыллааҕы үлэлэрин түмүгүн туһунан ОТЧУОТ   Аан тыл…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев Сергей Собянинныын көрүстэ

Москва мээрэ Сергей Семенович Собянины кытта көрсүбүтүн туһунан Ил Дархан Айсен Николаев МАХ ханаалыгар суруйда.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаанаҕа “Тоҥ балык” күрэх буолла

Усуйаана улууһун Усуйаана нэһилиэгэр ааспыт нэдиэлэ бүтүүтэ “Тоҥ балык” күрэх буолан ааста. Хоту дьон мааны…

3 часа ago