Мэдиссиинэ университетын устудьуона Бэрэсидьиэҥҥэ ыйытыы биэрдэ

Share

Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сылы түмүктүүр пресс-кэмпириэнсийэтигэр тыһыынчанан ыйытыы киирэр. Онтон биирдэстэрин мэдиссиинэ университетын 5-с кууруһун устудьуона устан ыыппыт. Туох туһунан?

— Мин Кемеровотааҕы мэдиссиинэ университетын 5-с кууруһун устудьуонабын, тус сыаллаах миэстэҕэ үөрэнэбин. Үөрэхпин бүтэрэн баран бэйэм эрэгийиэммэр дуогабар быһыытынан үлэлииргэ бэлэммин. Ол эрээри, мин дуогабарынан үлэлиэхтээх сылларым 27-31 сааспар буолар, бу оҕо төрөтөргө, ыал буоларга саамай тоҕоостоох кэм. Ол гынан баран кыраапык ыгымынан, ноҕоруусканан уонна эдэр исписэлиистэр хамнастара намыһаҕынан сибээстээн, ону олоххо киллэрэр кыаллыбат. Дуогабарынан үлэни уонна ийэ буолууну ыстарааба, ыстааһы тохтоппокко эрэ бииргэ толорор устулуобуйа баар дуо эбэтэр оннук былааннанар дуо? Икки сорудаҕы тэҥинэн толорорго судаарыстыба хайдах көмөлөһүөй: оҕону төрөтүүнү уонна тус сыаллаах дуогабарынан үөрэххэ киирбиттэр булгуччу үлэлээһиннэрин? – диэн ыйытта.

Тустаах ыйытыыга дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин оҕолоох эдэр ыалы өйүүр миэрэлэр туһунан элбэхтик кэпсэттибит диэн эттэ. “Ординатураҕа үөрэнээччилэргэ сыһыаннаах кэлэр сыл кулун тутар 1 күнүттэн бэрээдэк олоххо киирэр. Онно олоҕуран, өскөтүн дьон ординатураҕа босхо үөрэнэр буоллаҕына, ыйыллыбыт кэм устата бырааһынан үлэлиэхтээх. Бу болдьоҕо араастаах, тыа сиригэр кылгас, куораттарга уһун. Ол гынан баран, бу бэйэтэ талан ылбыт үөрэҕэ. Бүддьүөт суотугар үөрэнэбин диэн сөбүлэҥ түһэрсэр, оччотугар үөрэҕи ылбытын иһин үлэлиэхтээх. Баҕарбат буоллаҕына, сөбүлэҥ баттаһымыан сөп, төлөөн үөрэниэн сөп. Ыал буолуу, оҕолонуу – хас биирдии киһи бэйэтин талар кыаҕа” – диэн хоруйдаата.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаанаҕа “Тоҥ балык” күрэх буолла

Усуйаана улууһун Усуйаана нэһилиэгэр ааспыт нэдиэлэ бүтүүтэ “Тоҥ балык” күрэх буолан ааста. Хоту дьон мааны…

8 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Атласовтар уһаайбаларыгар» баһаар буолла

Бүгүн, олунньу 4 күнүгэр,  11:42 чааска баһаарынай-быыһыыр сулууспаҕа Дьокуускай куоракка, Бүлүүлүүр суол 6 км. баар…

15 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыаннай дьайыы сиригэр бырааһынньыктааҕы ас-үөл нобуорун илдьиэхтэрэ

Бу нэдиэлэҕэ Саха сириттэн  байыаннай дьайыы  ыытыллар сиригэр   Аҕа дойдуну көмүскээччи күнүгэр аналлаах бырааһынньыктааҕы ас-үөл…

46 минут ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Сымыйа эксээмэн содула — суут уурааҕа

СӨ Ленскэй оройуонун суутунан олохтоох дьахтар РФ ХК 322.1 ыст 1 ч. Арассыыйа Федерациятыгар тас…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин урбааны өйүүр “СВОе дело” бырагыраамаҕа кыттарга ыҥыраллар

“СВОе дело|14” үөрэтэр бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы саҕаланна. Бу бырайыак урбаан төрүттэрин баһылыырга, бэйэ дьыалатын арыйарга…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Чулуу кикбоксер Иннокентий Макаров кэриэһигэр кикбоксиҥҥа күрэхтэһии буолла

Саха чулуу уола, албан ааттаах кикбоксер, уопсастыбаннай диэйэтэл, меценат, СӨ кикбоксиҥҥа  Федерациятын вице-бэрэсидьиэнэ, "Сатал" СОНТ…

2 часа ago