Хаартыска: Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ
Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа-Суһал мэдиссиинискэй киин байыаннай эпэрээссийэҕэ Саха сириттэн сылдьааччылары өйөөн, 300-тэн тахса тыһыынча солкуобайы хомуйда.
Бүгүн, ыам ыйын 19 күнүгэр, Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа кылаабынай бырааһын эбээһинэһин толорооччу Леонид Алексеевич Слепцов хомуллубут үбү “Донбасска көмөлөһөр уонна өйүүр Хотугулуу-Илиҥҥи пуонда” бэрэстэбиитэлэ Иннокентий Мирович Егоровка туттарда.
Суһал мэдиссиинискэй көмө киинин исписэлиистэрэ байыаннай эпэрээссийэҕэ хомуурга уонна баҕа өттүнэн барбыттарга салгыы көмөлөһөллөрө кэрэхсэбиллээх. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр биир дойдулаахтарыгар көмө, тирэх буолар наадатын олус өйдүүллэр.
Санатан эттэххэ, балыыһа мэдиссиинискэй үлэһиттэрэ урут эмиэ үбүнэн уонна мал-сал өттүнэн көмөнү оҥорбуттара – быйыл тохсунньу бүтүүтэ баһыылкалары ыыппыттара.
“Билигин “Донбасска көмөлөһөр уонна өйүүр Хотугулуу-Илиҥҥи пуонда” Саха сириттэн хомуурга барбыт дьоҥҥо көмөнү салгыы хомуйар. Байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытын өйүөҕүҥ”, — диэн балыыһа үлэһиттэрэ ыҥыраллар.
(СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин матырыйаалынан)
Бу күннэргэ Улуу Кыайыы 80 сылыгар улуустарга уонна нэһилиэктэргэ Бэтэрээннэр искибиэрдэрин саҥардан оҥордулар, Кыайыы болуоссаттарыгар…
Ыам ыйын 8-9 күннэригэр Үөһээ Бүлүү улууһун Мэйик нэһилиэгэр Кыайыы 80 сылын көрсөр тэрээһин үрдүк…
Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, ууну-уоту ортотунан ааһан, Улуу Кыайыыны…
Ыам ыйын 6 күнэ. Ил Дархан дойду Үөрэҕин миниистирэ Сергей Кравцовы кытта Дьокуускайдааҕы кадетскай оскуолаҕа…
Сунтаарбыт саамай элбэх үөрэнээччилээх, улахан кээмэйдээх оскуолатыгар быйыл улахан өрөмүөн үлэтэ ыытыллар. "Модернизация школьных систем"…
Дьокуускай куорат аҕам саастаах олохтоохторо түөкүттэргэ итэҕэйэн 23 мөлүйүөн солкуобайы уордарбыттарын туһунан ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.…