Мэдиссиинэ үлэһиттэрин биригээдэлэрэ Арктика 13 улууһун хас бирдии олохтооҕун көрдүлэр

Share

Благовещенскайга Бүтүн Арассыыйатааҕы  «Демографическое развитие Дальнего Востока и Арктики» кэмпириэнсийэ ахсыс төгүлүн ыытыллар.

Тэрээһин иитинэн ыытыллыбыт «Повышение продолжительности жизни на Дальнем Востоке и Арктике» пленарнай сиэссийэҕэ доруобуйа харыстабылын боппуруостарыгар аныгы быраактыканы, уһун үйэлэнии туһунан кэпсэттилэр.

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина доруобуйа харыстабылыгар ыытыллар үлэҕэ тохтоото. Өрөспүүбүлүкэҕэ тохсунньу саҥатыттан Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн, мобильнай биригээдэлэри кытыннарыылаах пилотнай бырайыак олоххо киллэриллибитэ. Бырайыак сүрүнэ — Саха сирин Арктическай зонатыгар быраастар мобильнай биригээдэлэрин көмөлөрүнэн наадалаах мэдиссиинэ көмөтүн оҥоруу.

Бу кэм устатыгар медиктэр биригээдэлэрэ Арктика 13 улууһугар сырытта. Хас биирдии уустук суоллаах-иистээх нэһилиэнньэлээх пууҥҥа тиийэ сылдьаннар, олохтоохтору бука барыларын көрөргө бары кыһамньыларын уурдулар. Ол түмүгүнэн 300 киһи көмөнү ылар, быраас анаан көрөр-истэр, салгыы телемэдиссиинэ көмөтүнэн эмтэнэр, онлайн сүбэ-ама биэрэллэр.

Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна

Кэмпириэнсийэҕэ ыраахтан олорон эмтээһин, эмтэнии туһунан дьүүллэстилэр эрээри, Ольга Балабкина быраас уонна пациент сирэй көрсөллөрө хайаан да наадалааҕын ыйар. «Быраас илиитэ ийэм илиитин курдук сылаас. Быраас хайаан да пациенын аттыгар баар буолувохтаах», — диир кини. Ол иһин, Уһук Илиҥҥэ эндокринолог-быраас туһунан телевизорынан эрэ көрбүт сирдэригэр, мэдиссиинэ көмөтүн оҥорууну тэрийэллэр. Ольга Балабкина мобюильнай биригээдэҕэ үлэлэрэ үрдэтиллибит тарыыбынан төлөнөрүн иһитиннэрдэ.

Ольга Балабкина демографическай бэлиитикэ баар буолан, бэс ыйын 23 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэҕэ мөлүйүннээх оҕо төрөөтө. 1985 сыллаахха Саха сирин нэһилиэнньэтэ мөлүйүөн ахсааны ситиһэ сылдьыбыт, мөлүйүөн ахсааннаах оҕо төрөөбүтэ.

Маны таһынан Ольга Балабкина эрэгийиэҥҥэ өйөбүлү орҥорор туһуттан «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал олохтоммутун туһунан эмиэ сырдатта.

Сиһилии манна https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3363005 ааҕыҥ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр чоҕу хостооһуҥҥа саҥа рекорду олохтоотулар

2024 сыл 11 ыйын түмүгүнэн Саха сиригэр 45 мөлүйүөн туонна чох хостоммут. Бу былырыыҥҥы көрдөрүүттэн…

21 минута ago
  • Сонуннар

Меркурий «ретрограднай» буолан бүтэрэ чугаһаата

"Ретрограднай" Меркурий "төттөрү" барыыта бүтэрэ 3 хонук хаалла. Сэтинньи 26 күнүттэн ахсынньы 15 күнүгэр диэри…

36 минут ago
  • Быһылаан

Тулагыга суоппар массыынатын суулларан баран, саахал буолбут сириттэн куоппут

Тулагы сэлиэнньэтигэр биллибэт суоппар массыынатын суулларбыт уонна саахал миэстэтиттэн куоппут. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы Госавтоинспекция иһитиннэрэр.…

51 минута ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саҥа дьылы көрсө түннүккэ георгин сибэккилээтэ

Ахсынньы тымныытын аахсыбакка, Саҥа дьылы көрсө Үөһээ Бүлүүгэ георгин сибэкки тыллан хараҕы үөрдэр, сайыны чугаһатар.…

1 час ago
  • Сонуннар

Үс улууска саҥа баһаарынай деполары астылар

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Нам улууһун Остуолба, Таатта улууһун Булуҥ уонна Томтор, Уус Алдан улууһун…

1 час ago
  • Сонуннар

РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин патриотическай пуорумнара саҕаланна

Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга «Объединяя лучшее - быть первым!» диэн ааттаах…

1 час ago