Салгыы
Мэдиссиинэҕэ үрдүк технологиялаах көмөнү оҥоруу 20 төгүл элбээтэ

Мэдиссиинэҕэ үрдүк технологиялаах көмөнү оҥоруу 20 төгүл элбээтэ

30.04.2024, 17:59
Хаартыска: Мэдиссиинэ национальнай киинэ
Бөлөххө киир:

Мэдиссиинэҕэ үрдүк технологиялаах көмөнөн (ВМП) өрөспүүбүлүкэ хас биирдии олохтооҕо туһанар бырааптаах. Онуоха эмтиир быраас, балыыһа мэдиссиинискэй туоһута баар буолуохтаах.

Туоһуну ким биэрэрий?

Эмтэнээччи сытар балыыһаҕа киирдэҕинэ, кинини сиһилии көрөллөр-истэллэр, чинчийэллэр. Онтон быраастар хамыыһыйалара кинини үрдүк технологиялаах көмө ханнык көрүҥэр ыыталларын быһаарар.
Өрөспүүбүлүкэҕэ оҥоһуллар үрдүк технологиялаах көмө ахсаана, 2007 сылы кытта тэҥнээтэххэ, 20 төгүл элбээтэ. Ити үрдүк технологиялаах көмөнү оҥорор балыыһалар элбээбиттэрин кытта сибээстээх (10 эмтиир тэрилтэ).

Үрдүк технологиялаах көмөнөн туһаннылар:

2007 с. – 200 киһи:
2023 с. – 4000 тахса.

Эпэрээссийэлэр

М.Е.Николаев аатынан Мэдиссиинэ национальнай киинигэр:

2023 сылга – 1485 (тымырга уонна сүрэххэ)
Мэдиссиинэ национальнай киинигэр Сүрэх-тымыр киинэ аһыллыыта кардиологияҕа уонна тымыр неврологиятыгар үрдүк технологиялаах көмө күүскэ киирэригэр көмөлөстө.

Онкология киинигэр:
2019 с. – 2058 эпэрээссийэ;
Ол иһигэр, 151 үрдүк технологиялаах;
2023 с. – 2604 эпэрээссийэ;
Ол иһигэр 167 – үрдүк технологиялаах.
Сылга 4000 тахса эпэрээссийэ оҥоһуллуоҕа.
Онкология киинин базатыгар саамай уустук малоинвазивнай суһал орооһуулары оҥорорго  аныгы ангиографическай комплекс аан бастакытын баар буолла.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
18 мая
  • 1°C
  • Ощущается: -2°Влажность: 69% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: