Мэдиссиинэ ыспыраапкатын бигэргэттэрэр ирдэммэт

Share

“Мэдиссиинэ ыспыраапкатын олохтоох дьаһалтаҕа, нотариуска бигэргэттэрэр ирдэнэр дуо?” – диэн хас сыл ахсын ыйыталлар. ХИФУ киин тутар хамыыһыйата бу курдук хоруйдаата.

Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет киин тутар хамыыһыйата иһитиннэрбитинэн, үөрэххэ туттарсааччы мэдиссиинэ ыспыраапкатын ханна даҕаны бигэргэттэрэрэ ирдэммэт. “Тута хас даҕаны ахсааннаах ыспыраапканы толорторуохха сөп. Оригинал баар түгэнигэр, биһиги туох даҕаны бигэргэтиитэ суох ыспыраапка куопуйатын ылабыт. Ол эрээри, куопуйаны оригиналын кытта булгуччу тэҥнээн көрөбүт” – диэн быһаарда.

Ол эбэтэр абитуриент ыспыраапкатын оригиналын ханна даҕаны туттарбакка, илиитигэр тута сылдьан, сайабылыанньаларын кытта куопуйаны биэриэн сөп. Онон, бастакытынан, эбии харчыны барыыр ирдэммэт. Иккиһинэн, мэдиссиинэ, педагогика, геология, хайа дьыалата, автодорожнай, тиэхиньиичэскэй исписээлинэстэргэ 29н пуормалаах ыспыраапка ирдэнэр. Онтон атыттарга 086у пуормалаах барсар. Үөрэххэ туттарсааччылар мэдиссиинэ көрүүтүн ХИФУ килииникэтигэр ааһыахтарын сөп. Холобур, 086у пуормалаах ыспыраапка сыаната 1100 солк. тэҥнэһэр. Ханнык идэҕэ хайдах ыспыраапка барсарын, төлөбүрэ төһөтүн ХИФУ саайтыгар бу сигэни баттаан киирэн көрүҥ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

2 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

22 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

2 часа ago