Салгыы
Медкииҥҥэ “Ийэ доруобуйата” бырайыак үлэлиир

Медкииҥҥэ “Ийэ доруобуйата” бырайыак үлэлиир

31.07.2024, 19:30
Хаартыска: sakha.gov.ru саайтан
Бөлөххө киир:

Доруобуйатыгар кыһаллар дьахтар кэмиттэн кэмигэр скрининг (искэни эрдэ эмтэниллэр кэмигэр булан ылыы) бара сылдьыан наада. 40 сааһыттан саҕалаан түөс искэнинэн уонна матка шейкатын искэнинэн ыалдьыы эмискэ элбиир. Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр эппиттэринэн, сыллата өрөспүүбүлүкэҕэ 250-тан тахса дьахтарга түөс искэнэ, 100-тэн тахса дьахтарга матка шейкатын искэнэ булуллар.

Онкоскрининг искэн дьэ саҥа улаатан истэҕинэ булан ылар кыахтаах. Ыарыһахтар үксүн туохтара эрэ ыарытыйан, диагнозтата кэлэллэр. Холобур, биир дьахтар түөһүн атта ыалдьар буолан, маммографияҕа кэлбит. Ол быыһыгар туохтара да ыалдьыбат дьоҥҥо искэн баарын булан ылаллар.

“Доруобуйа харыстабыла” нацбырайыак чэрчитинэн, муус устар 18 күнүттэн бүгүҥҥэ диэри өрөспүүбүлүкэҕэ 14 дьахтар түөс искэннээҕэ, 7 дьахтар маткатын шейкатыгар искэннээҕэ көһүннэ. Барыта куһаҕан хаачыстыбалаах искэннэр. Онтон 19-һа саҥа саҕаланан эрэр стадиялаахтар. Медкииҥҥэ түөс искэнигэр 1302 скрининг уонна Bi-Rads тиһигинэн 1817 маммографическай чинчийии  40 саастарын ааспыт дьахталларга оҥоһуллубута. 1102 ыарыһах кэтээн көрүүгэ ыытыллыбыта, 112 түбэлтэ – иккистээн көрүүгэ итиэннэ 14 ыарыһах онкодиспансерга көрдөрүнэ барбыттара. Түөһүгэр куһаҕан хаачыстыбалаах искэннээх биир түбэлтэ баара бэлиэтэммитэ.

Маны тэҥэ матка шейкатын искэнин скрининигэр 1224 анкета ыытыллыбыта. 1118 ыарыһахтан анаалыстарын ылан чинчийиигэ ыыппыттара. 9 ыарыһах онкодиспансерга эбии көрдөрүүгэ ыытыллыбыттара, 3 куһаҕан хаачыстыбалаах искэни булан ылбыттара, диэн иһитиннэрэр СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

Дьэ, маннык профилактическай көрүүнү доруобуйатыгар кыһаллар киһи барыта барыахтаах. Ол эрээри бастакы уочарат маннык дьон толкуйданыахтаахтар:

  • -Чугас дьоно искэнинэн ыалдьыбыттар;
  • -Үтүө хаачыстыбалаах искэннээх уонна эттэригэр ураты мэҥнээх дьон;
  • -Арыгыны иһэр, табахтыыр, наркотигы боруобалыыр дьон;
  • Полуфабрикаттары, арыылаах-сыалаах, ыыһаммыт уонна аһаҕас уокка буһарыллыбыт аһы сөбүлүүр дьон;
  • -Экологическай өттүнэн мөлтөх сиргэ олорор дьон;
  • -Куһаҕан производствоҕа үлэлиир дьон;
  • -ВИЧ-инфекциялаах ыарыһахтар.
  • Маны таһынан искэн үөскээн эрэр бастакы бэлиэлэрин билэр наада:
  • -Эккэр-сииҥҥэр ураты чиҥээбит эттик баар буолуута;
  • -Былчархайдар улаатыылара;
  • -Туох да биричиинэтэ суох ыйааһыныҥ түһэн хаалыыта;
  • -Аһыах баҕаҥ сүтүүтэ;
  • -Көлөһүнүҥ наһаа түһүүтэ;
  • Уопсай сылаарҕааһын;
  • -Түргэнник сылайыы;
  • — Иммунитет түһүүтэ.
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: