Мээндигилэр Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнэллэр

Share

СӨ ситэриилээх былааһын отчуота бүгүн Амма улууһун Мээндиги нэһилиэгиттэн саҕаланна. Нэһилиэк «Алгыс» сынньалаҥ киинигэр арыый эрдэлээн тиийбиччэ нэһилиэнньэни кытта кэпсэтэбин.

Кулууп дириэктэрэ Светлана Попова мээндигилэр туох сонуннааххыт диэн сахалыы сиэринэн туоһулаһыыбар: «Олоҥхо ыһыаҕынан олоробут» — диэн баран сэһэргэһэ түһээт — миигин батыс, -диэт сыана кэтэҕин диэки сабыыны арыйан ыҥырар. Киирбитим — сиргэ кыл бөҕө тэлгэммит. «Быйыл Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕа буолар. Онон сибээстээн хас биирдии нэһилиэк 500 миэтэрэ ситии хатан туттарыахтаахпыт, 214 олбох тигиэхтээхпит. Манна барытыгар нэһилиэк уопсастыбанньыктара, түөлбэ салайааччылара, кулууп үлэһиттэрэ бары кыттабыт. Олус элбэх үлэлээх, үгүс бириэмэни эрэйэр эбит. Күн бүгүн 100 миэтэрэ бэлэм буолла. Сорохтор манна кэлэллэр, кыайан кэлбэт дьон дьиэтигэр хатар»- диэн кэпсиир.
Бу кэпсэтэ турдахпытына социальнай үлэһит Инесса Степанова киирэн: «Кыл ыла кэллим» — диэт саҥата суох бакыатын ороон тэниппитинэн барар. «Саастаах дьон Олоҥхо ыһыаҕар ситии хатарга кылла аҕал диэн көрдөспүтэ. Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэниигэ нэһилиэнньэ барыта кыттар»- диэн кылгастык этэр.
Ити курдук Мээндиги нэһилиэгин олохтоохторо аҕыйахпыт дэспэттэр (үс сүүс киһини кыайбат) бэйэлэрин кыахтарынан Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэниигэ сэмэй кылааттарын киллэрсэллэр.

Людмила Попова хаартыскалара
Людмила Попова хаартыската
What’s your Reaction?
+1
3
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Үгүс оройуоннарынан -45° кыраадыска тиийэ тымныйыа

Бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, Саха сирин синоптиктара кыралаан хаар түһэрин, үгүс оройуоннарынан сөҥүүтэ суох, нэһилиэктэринэн…

17 минут ago
  • Сонуннар

Саҥа сылы оһуокайдаан көрүстүбүт

Быйылгы 2025 сыллаах Оһуокайбыт Аар Дархан этээччибит, сүүс сааһыгар үктэнэрэ аҕыйах сыл эрэ хаалбыт ытык…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Санаторийга барарга чэпчэтиилээх путевканы хайдах ылыахха сөбүй?

Санаторийга сынньана ОМС полиһынан босхо барыахха сөп. Ол туһуттан терапевтан направление ылар наада диэн объясняем.рф…

13 часов ago
  • Сонуннар

Дьокуускай 39-с оскуолатын үөрэнээччилэрэ Арассыыйатааҕы кэмпириэнсийэҕэ ситиһиилээхтик кытыннылар

Ааспыт сыл ахсынньы 10-12 күннэригэр Москваҕа «Космос» конгресс-кииҥҥэ XXXIV төгүлүн ыытыллар Бүтүн Арассыыйатааҕы үөрэнээччилэр кэмпириэнсийэлэрэ буолан…

14 часов ago
  • Сонуннар

СҮБЭҺИТ: Баҕа санаа хаартата

Билиҥҥи кэмҥэ үгүс дьон Баҕа санаа ­хаартатын оҥорорунан үлүһүйдэ. Баҕа са­нааҕын барытын толорор үһү диэн…

14 часов ago
  • Сонуннар

Орто Халымаҕа сүппүт ыал этэҥҥэ дьиэтин булла

Бүгүн, тохсунньу 5 күнүгэр, СӨ Быыһыыр сулууспата Орто Халымаҕа массыынанан айаннаан иһэр оҕолоох дьон сүппүттэрин…

15 часов ago