«Мээндийэ» сайылыгар баянистар түмсүүлэрэ саҥа бырайыагы сүрэхтээтэ
Бэҕэһээ, атырдьах ыйын 12 күнүгэр, Чурапчы улууһун Төлөй нэһилиэгин кэрэ көстүүлээх «Мээндийэ» сайылыгар улуустааҕы баянистар түмсүүлэрин «Сайылыгым барахсан» баянынан ырыа бырайыага олоххо киирдэ.
Бу суолталаах тэрээһин туһунан улуустааҕы Олоҥхо салаатын салайааччыта Дмитрий Попов маннык иһитиннэрдэ:
— Бырайыакка кытта кэлбит ыалдьыттары сайылык хаһаайыттара Мария уонна Виктор Смирниковтар сылаас алаадьынан айах тутан көрүстүлэр. Бу тэрээһиҥҥэ Чурапчы улууһун араас нэһилиэктэриттэн барыта 60-ча киһи кыттыыны ылла. Улууспут биллэр баянистара Руслан Гоголев, Николай Кириллин, Дмитрий Пудов, Иннокентий Аммосов, Николай Борисов, Дмитрий Попов доҕуһуолларынан үлэни, эйэни уруйдуур сахалыы ырыалар сайылык үрдүнэн дьиэрэйдилэр. Бырайыак ааптара — СӨ култууратын туйгуна, Чыаппаратааҕы эр дьон народнай хорун баяниһа, улуустааҕы баянистар түмсүүлэрин салайааччыта Руслан Гоголев.
Бырайыакка элбэх ырыаһыт кытынна. Көрөөччүлэр «мин бу ырыаны ыллыахпын баҕардым» диэн эттилэр да, баянистар хаба тардан, тыаһатан, дьон бэрт көхтөөхтүк кытынна.
Баянистар түмсүүлэрэ быйыл кыһыҥҥыттан саҕалаан баянистар куонкурустарын тэрийэргэ этии киллэрдилэр. Онон бу бырайыак үлэтэ силистэнэн-мутуктанан, салгыы кэскиллээхтик сайдарыгар эрэнэбит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: