«Мээндийэ» сайылыгар баянистар түмсүүлэрэ саҥа бырайыагы сүрэхтээтэ

Share

Бэҕэһээ, атырдьах ыйын 12 күнүгэр, Чурапчы улууһун Төлөй нэһилиэгин  кэрэ көстүүлээх «Мээндийэ» сайылыгар улуустааҕы баянистар түмсүүлэрин «Сайылыгым барахсан» баянынан ырыа бырайыага олоххо киирдэ.

Бу суолталаах тэрээһин туһунан улуустааҕы Олоҥхо салаатын салайааччыта Дмитрий Попов маннык иһитиннэрдэ:

Бырайыакка кытта кэлбит ыалдьыттары сайылык хаһаайыттара Мария уонна Виктор Смирниковтар сылаас алаадьынан айах тутан көрүстүлэр. Бу тэрээһиҥҥэ Чурапчы улууһун араас нэһилиэктэриттэн барыта 60-ча киһи кыттыыны ылла. Улууспут биллэр баянистара Руслан Гоголев, Николай Кириллин, Дмитрий Пудов, Иннокентий Аммосов, Николай Борисов, Дмитрий Попов доҕуһуолларынан үлэни, эйэни уруйдуур сахалыы ырыалар сайылык үрдүнэн дьиэрэйдилэр. Бырайыак ааптара — СӨ култууратын туйгуна, Чыаппаратааҕы эр дьон народнай хорун баяниһа, улуустааҕы баянистар түмсүүлэрин салайааччыта Руслан Гоголев. 

Бырайыакка элбэх ырыаһыт кытынна. Көрөөччүлэр «мин бу ырыаны ыллыахпын баҕардым» диэн эттилэр да, баянистар хаба тардан, тыаһатан, дьон бэрт көхтөөхтүк кытынна.

Баянистар түмсүүлэрэ быйыл кыһыҥҥыттан саҕалаан баянистар куонкурустарын тэрийэргэ этии киллэрдилэр.  Онон бу бырайыак үлэтэ силистэнэн-мутуктанан, салгыы кэскиллээхтик сайдарыгар эрэнэбит. 

What’s your Reaction?
+1
12
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Дьокуускайга туристическай түһээни киллэриэхтэрэ

Бүгүн, сэтинньи 27 күнүгэр, Дьокуускай куорат Дууматыгар 10-с сиэссийэ саҕаланна. Бастакынан, Дьокуускай куорат дьокутааттара киин…

2 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ньурбачааҥҥа баһылыгы талыахтара

Ньурба улууһун «Ньурбачаан нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии баһылыгын болдьоҕун иннинээҕи быыбара ахсынньы 1 күнүгэр ананна диэн…

32 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокутааттар нолуок бэлиитикэтигэр, бүддьүөт сокуоннарыгар уларытыылары ылыннылар

Бүгүн Ил Түмэн онус ыҥырыылаах пленарнай мунньаҕа сарсыардаттан тигинэччи үлэлээтэ. Норуот дьокутааттара бастакы үс боппуруоһу…

59 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

РФ сэнээтэрэ Егор Борисов суруналыыстары кытта көрүстэ

РФ сэнээтэрэ Егор Борисов Саха сиригэр кэллэр эрэ, дьонун-сэргэтин кытта хайаан да көрсөн, санаатын атастаһар…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Түмэн онус уочараттаах пленарнай мунньаҕа саҕаланна

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) онус ыҥырыылаах пленарнай мунньаҕа саҕаланна. Пленарнай мунньах сэтинньи 27-28…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Атах тэпсэн олорон кэпсэтиэх»: кардиолог Николай Ильин

"Атах тэпсэн олорон кэпсэтиэх" биэриигэ СӨ Сүрэх уонна тымыр ыарыыларын эмтиир киин дириэктэрин солбуйааччы, РФ…

2 часа ago