Дьокуускай куорат мээрэ Евгений Григорьев дьиэтигэр оҕолорун, кэргэнин кытта ханнык тылынан кэпсэтэрий? Ол туһунан сыл түмүгүн таһаарар пресс-кэмпириэнсийэҕэ суруналыыстар ыйытыыларыгар хоруйдаата.
Кини дьиэ кэргэнин туһунан мээнэ кэпсээбэт, хаартыскаларын таһаарбат. Онон мээр 3 оҕото уһуйааҥҥа да, оскуолаҕа да болҕомтону тардыбакка, холкутук сылдьар кыахтаахтар, кинилэри ким да билбэт, бу быһаарыыны кэргэнин, оҕолорун кытта бииргэ сүбэлэһэн, ылыммыттар.
— Мин бэйэбэр кытаанах быһаарыыны ылыммытым — дьиэбэр оҕолорбун кытта сахалыы тылынан эрэ кэпсэтиэхтээхпин. Билиҥҥи үйэҕэ оннук эрэ гыннахха, оҕолор төрөөбүт тылларын билэллэр. Ону тэҥэ, икки оҕом сахалыы тыллаах уһуйааҥҥа сылдьаллар. Биллэн турар, кинилэр «ютубу» нууччалыы да, английскайдыы да көрөллөр, бу тыллары миигинэ да суох үөрэтиэхтэрэ. Оттон сахалыы саҥарарга мин эрэ үөрэтэр кыахтаахпын. Ол иһин дьиэбитигэр сахалыы кэпсэтэбит, — диэн Евгений Григорьев эттэ.
Ыал аҕа баһылыгын быһаарыныытын нууччалыы саҥарар кэргэнэ өйөөбүт. Ийэлэрэ бааһынай, саха-нуучча хааннаах эбит, Хаандыгаттан төрүттээх. Кэргэнниилэр төһө да нууччалыы кэпсэтэллэрэ ордук табыгастаах буоллар, кэнники кэмҥэ сахалыы саҥарар, кэпсэтэр буолбуттар.
Онон Григорьевтар дьиэ кэргэттэрэ атыттарга холобур буолуохтарын сөп эбит. Куорат усулуобуйатыгар, бэл, тыа сиригэр да, дьиэ кэргэҥҥэ сахалыы кэпсэппэт буоллахха, оҕолор олус түргэнник нууччалыы тылга көһөн хаалаллар. Төрөппүттэр оҕоҕо бас бэринэн, нууччалыы кэпсэтэн бардылар да, оҕо төрөөбүт тылын умнар, сүтэрэр. Онон бу маассабай көстүү тохтооботоҕуна, аны 20-30 сылынан саха тыла сүтэр кутталлаах.
Т-80 тааҥка “Алеша” экипаһа ВСУ холуоннатын тоҕута сынньан дьоруойдуу быһыыны оҥорбутун күөх экраҥҥа көрбүппүт. Бу…
Дьокуускайга "Надежда" уһуйаан иитиллээччилэригэр Тымныы Оҕонньор уонна Хаарчаана түннүгүнэн көстөн ааспыттар. Оҕолор үөрүүлэрэ муҥура суох. …
Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа биэс буруйу оҥоруу тахсыбытын туһунан СӨ борокуратуура иһитиннэрэр. Мииринэй оройуонугар дьахтар…
Үүнэр сылы хайдах көрсөҕүн да, кэлэр сылыҥ оннук буолар диэн өс хоһооно баар. Дьэ, ол…
Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр,…
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр. Хоту,…