Мэхээлискэ Батаахап. Булчут Мэхээлискэ.
Булчут Мэхээлискэ туһунан суруйарга сананным. Дьиҥинэн, бука соччо улаатан баран алтыспатах буоламмын, суруйа да сананыам суох этэ. Ону баара Сиэдэрэй Сэмэн кырдьаҕас нэһилиэк остуоруйатын кинигэтигэр киллэрбит суруйуутугар сөпсөһүмээри бу суруйан эрэбин.
Кинигэҕэ киирбит, этэргэ дылы, суруллубут суоруллубат буоллаҕа. Онно Булчут Мэхээлискэни “Мэхээлэчээн булчут” эҥин диэн суруйбут. Тыыннааҕар кинини нэһилиэккэ ким да “Мэхээлэчээн булчут” диэн кыратыттан күлэр курдук ааттаабатах, улахан айдарыылаах, дьоҕурдаах киһилэрэ этэ диэн тоһоҕолоон бэлиэтиэхпин баҕарабын. Уонна ону дьонугар-сэргэтигэр тиэрдэ сатыыбын.
Мэхээлискэ Батаахап — Потапов Михаил Иванович Чурапчы оройуонун Арыылаах нэһилиэгэр Мүкэ Хотоннооҕо диэн алааска 1928 сыллаахха сүөһүнэн сэниэ соҕус ыалга төрөөбүт. Аҕата Дьалтаһы Уйбаан. Кини аатынан кэлин төрөөбүт сирэ Дьалтаһы Хотоннооҕо диэн ааттаммыт эбит. Ийэлээх аҕата эрдэ өлбүттэр. Бииргэ төрөөбүт убайа тыла суох Осто диэн баара эбитэ үһү…эмиэ эрдэ өлбүт. Дьоҥҥо биллибитинэн, уус тала бөҕө киһи эбит. Аны туран чаһыны кытта сэлбийэ сатыыр, мотуордаах билисипиэти эҥини ким-хайа иннинэ баһылаабыт лаппа дьоҕурдаах киһи эбит.
Аан бастаан Мэхээлискэни кытта билсиһиим оскуолаҕа киирэ иликпинэ эбит. Арай аҕам Мэхээлискэлээххэ барбыт. Кэнниттэн түһүннүм. Буккуллан хааллым. Тиэргэммиттэн тахсыбат киһи буоллаҕым. Оччолорго бадаҕа хаһааҥҥыта эрэ Суоччут Бааһалаах кыра оҕолорун тигээччилээбит сүөһүлэр түҥнэри көтөн тэпсэн өлөрбүттэр диэн кэпсээн баара. Ол да иһин биир үксүн биһигини төрөппүттэрбит мээнэ тиэргэн таһыгар ыыппат этилэр.
Мэттинээгиннэр дьиэлэрин диэкиттэн кэлэн иһэр Мэһэмээн Паана оччолорго Хара Көмүс диэн ааттанар улахан уол көрсөн ыйан биэрдэ.. Мэхээлискэлэр ынахтара хайдах эрэ буолан моһуогурбутун салҕаан дьаһайалларыгар аҕам сүбэ-ама, тыл-өс буолбут быһыылаах эбит. Син хас да эр дьон үмүөрүһэллэр этэ. Ньуучча Ньукулай баарын чопчу өйдүүбүн. Дьэ, онтон ыла Мэхээлискэни билэн-көрөн бардаҕым. Оччоттон булчут. Кыһынын аҕабар кэлэн кэпсэтэн көбдьүөрүһэллэр этэ. Ол кэмҥэ аҕабар кэһиитин эмис баҕайы бэдэр буутун кыбынан кэлбит этэ. Сиирбин өйдөөбөппүн. Кэлин көрдөхпүнэ, кыһынын куруук иэдэһэ хап-хара гына иһэлийбит буолара. Дьэ уонна хааман балдьарайдаан кулуупка киирэрэ. Дьон-сэргэ бары сэҥээрэ көрөр киһилэрэ этэ. “Оо, Мэхээлискэ кэлбит”, — диэн буолара. Кэлин оҕолорун Дьууруйу, Миитээкини, Мэхээлиһи кытта алтыһан бултаан кэлэрэ- барара барыта хараҕым далыгар этэ. Ийэлэрэ Маарыйачаан миэхэ сүлүллэ илик кырынаастары, солоҥдолору, саһыллары көрдөрөрүн астынар да этим…
Ол аата булка сыста сатыырым. Мэхээлискэ булчут булдун хаанын- сиинин көрөрбүттэн, сытын ылыыбыттан сэдиптээн саҕаламмыт эбит да диэхпин сөп. Мэхээлэ үрэххэ сылдьан бултаабыт андаатарын барытын үүтээҥҥэ таҥастаан аҕалар эбит этэ. Онтон солоҥдо, саһыл, кырынаас бултарын оҕолоругар эҥин көрдөрөөрү буоллаҕа буолуо, сороҕун дьиэтигэр аҕалан таҥастыыр үгэстээҕэ. Бука, биһиги эҥэргэ бастакы кииһи кини бултаабыт буолуохтаах. Ити 70 сыллар бүтүүлэрэ. Ол кииһин куоттаран таҥастаммытын кэннэ сыгынньах тоҥ этин эрэ көрөн хомойо санаабыппын өйдүүбүн. Онтон кииһин тириитин билбэт булда буолан, арааһа, солоҥдо тириитин киэбигэр тиирэн сыаната кыччаабыт үһү диэн кэпсэтэллэрин өйдүүбүн. Өссө ол кииһин Чохоон Ааната кэлэн икки мөһөөххө атыылаа диэбитин биэрбэтэх диэн ийэм эппитэ. Дьэ, ити да быһыы Мэхээлэ судургутун, чиэһинэйин, бултаабытын барытын судаарыстыбаҕа 100 % туттарарын туоһута буолар. Биирдэ Экэрээс ампаарын кэнниттэн кыһыл саһылы бултаабыта. Дьэ, ону дуоһуйуохпар дылы үлбүрүйбүтүм да этэ. Ону истэн Бүөтүр Охоноойобус эһэм бэйэтин өтөҕө буолан үөрэн олох бэйэтэ бултаабыт саҕа санаммыта быһыылааҕа. Сааһыары алаас күөллэрин андаатарыгар күнүнэн сылдьара. Оччоҕо күн аайы кэриэтэ элбэх баҕайы ириэнэх андаатары аҕалан кыараҕас баҕайы дьиэҕэ оһох аттынааҕы аргыга уонна мас кыска онно-манна кыра тоһоҕолорго кутуруктарыттан таҥнары куурда ыйаталаабыт буолара.
60-ча андаатары
Биир оннук күн уола Дьууруй аҕам 60-ча андаатары аҕалла диэбитин сөҕө санаабыппын умнубаппын. Мин билэрбинэн, анаан-минээн күн быыһаан тилэри үлэлээтэҕинэ күҥҥэ 30-ча андаатары таҥастыыр эбит этэ. Бука, оҕонньор туттуута-хаптыыта чахчы ыраас, хаачыстыба буолуо дии саныыбын. Мин Мэхээлискэни, бу олорон санаатахпына, чахчы да туспа эйгэлээх, ураты бэлиэ киһи эбит диибин. Улаатан, охотовед идэлэнэн, булчут чулууларын кытта элбэхтик алтыстаҕым. Ол дьоммун кытта чахчы да биир кэрдиискэ турар киһи эбит дии саныыбын. Сорох көрүҥнэригэр олох булда аҕыйах сиргэ сабырыйа сыһар да эбит. Кини бултуур ньыматын ким да иҥэн-тоҥон билэ-көрө сатаабатах быһыылаах. Кими да кытта кыттыспатах курдук өйдүүбүн. Арай кэлин ааттаах сааһыт Кэнчиэрэ Барааскап ыйыталаһа сатыырын эппэккэ күлэн эрэ кэбиһэрин уола Киргиэлэй этэн аһарбыта. Кини дьиҥ төрүт сахалыы мындыр өйүнэн, айылҕа биэрбит дьоҕурунан, эт атаҕынан, ат көлөнөн бултаан ааспыт киһи буолар. Оскуоланы бүтэрдэҕим утаа Бытык Уйбаан полумеханизированнай звенотугар үлэлээн сылдьыбытым. Онно Мэхээлискэ Мүкэҕэ таарыйан ааспыта. Сатыы быһылаах этэ. Бука, өтөҕөр Дьалтаһы Хотоннооҕор оттуура эбитэ дуу? Онно, тоҕо эрэ, миэхэ оҕо киһигэ кэпсээбитин өйдүүбүн. Сытар отуубут үрдүнээҕи эргэ куруҥ тыатыгар оҕотук 13 саастаах сылдьан айанан бөрөнү дэгнээн ыыппытын. Оҕо буолан айатын кирсин күүскэ кыайан тарпакка уонна сыыһа хололоон куһаҕаннатан барбыт үһү. Онтуката дьаакаран арычча сылдьарын Кытаанах нэһилиэгин булчута саанан бултаан ылбыт эбит. Эбиэннээх ырбатынан көрөн оҕо дэҥнээбит бөрөтө диэн ааттаан кэлин билбиттэр үһү. Ити сэрии саҕана. Аны туран оччолорго мастан үөн бөҕө киһи хоонньугар тохтор этэ диирин тугу-тугу кэпсиир баҕайытай дии санаабытым. Онтукам хас да сыл буолан баран шелкопряд түспүтүгэр, дьэ, Мэхээлискэм, кырдьык даҕаны айылҕа көстүүтүн дьон умнубутун да өйдүү сылдьар, дьиҥ айылҕа оҕото буоларын өйдөөбүтүм. Кэлин ситэн-хотон соҕотох оройуоҥҥа биллэр Тааттанан, Мырыланан, Уус Майданан ыҥырыкка сылдьар бастыҥ айдарыылаах бөрөһүт буолбутун туһунан биирдэ эмэтэ хайҕаан хаһыакка суруйбуттара буолуо. Кини бултаабыт бөрөлөрүн бэдэрдэрин мин да илэ харахпынан көрдөҕүм. Хата, үтүөлэх учуутал Макаров М П хаартыскаҕа түһэрэн, бэркэ да үйэтиппит эбит. Арай биирдэ оскуолаҕа киириэм иннинэ убайым Исай суорҕаҥҥа суулаан, салаасканан соһон, Балык хатарбыкка абаҕабар Ыгым Бааһаҕа хонноро аҕалбыта. Дьэ, онно атаахтаан күннүү сырыттахпына ыҥыыр аттаах дьон кэллилэр. Миитэрэй Мэттинээгин, Барыыһап Ньукулай уонна Мэхээлискэ үрэхтэн аргыстаһан иһэллэр эбит. Чэйдээтилэр. Онно абаҕам бэркэ сэҥээрэн сирэйэ-хараҕа турбутун өйдүүбүн. Мэхээлискэ бөрө бултаабыт эбит. Тыыннаах олорорун алта хаамыыттан туосапканан төбөҕө ыттым диир. Дьэ, ол курдук үйэбэр аан бастаан улахан булт туһунан дьон сылааһына кэпсэтэллэрин истибитим. Дьиҥинэн, ыҥыыр акка Балык хатарбыт дэриэбинэ икки ардыта киһи аҕыйахта үктэтэр сирэ буоллаҕа. Ол аата кырдьаҕас булчукка анаан-минээн Байанай биэрбит үөрүүтүн үллэстибит эбит булчут Мэхээлискэ. Арааһа, ындан да иһэрэ буолуо.Таһырдьа тахсыһа сылдьыбыттара баралларыгар. Миигин тымныыга таһаарбатахтара. Биирдэ обургу буолтум кэннэ кини икки бэдэри бултаабытын эттэрин бырааттарбынаан салааскаҕа соһон аҕалан, бэйэм сүгэнэн кырбастаан, бэркэ да диэн сөбүлээн сиэн турабыт. Ийэбит Кэбээйи буолан, бэдэри сиир дьоҥҥо төрөөн-үөскээн, дойдутун ахтылҕанын таһаарбыт быһыылааҕа.
Айаттан саҕалаан тимир хапкаанынан
Мэхээлискэ дьиҥ сахалыы булт ньымаларын мындырдык баһылаабыт киһи .. Кинини ким да булка уһуйбатах курдук барытын бэйэтин айдарыытынан, дьоҕурунан аҥардас бултааһын өттүнэн сайдыбыт эбит. Айаттан саҕалаан тимир хапкаанынан бултаабыт. Олох сааһыта суох этэ. Көтөргө эҥин саалана барбата. Мин билэрбинэн, бултууругар сопхуос биэрэр туоһапкатын таһынан иннигэр-кэннигэр уктара биир 12 уостаах саалаах этэ. Онтунан биирдэ эмэ куобах үүрүүтүгэр тоһуурга турар курдук өйдүүбүн. Биирдэ оннук сырыыга Буруһу Оруома бүүчээн бултаабытын дьиктиргээн дьиэбитигэр кэлэн кэпсээбитэ. Бэдэр курдук кулгаахтаах, ыт курдук муннулаах, чоокку курдук туйахтаах, өссө аһыылаах тиистээх кыыл диэн салыннарбыта.
Бука, ол сопхуос биэрэр туосапкатынан да мэнээх элбэхтик ыппатаҕа буолуо дии саныыбын. Биирдэ Хомустаахтан кэлэн иһэн Көрдүгэҥҥэ үөлээннээхпин Мэхээлискэ уолун Миитээкини көрүстүм. Соһуйуом иһин, арай уолум үс хаа сабыс саҥа туосапка ботуруоннарын тутан иһэр. Мин ымсыыран иирэ сыстым, бу кырылаһан үчүгэйдэрин! Дэлби туппахтаатыбыт. Киһим: “Аймахтарбар Сиипсэптэргэ баран иһэбин”, — диир. Аҕам ботуруон ыытта диир. Мэхээлискэ бултууругар дьөрү ыты да туһамматаҕа. Ыт иҥин ииттэрин көрбөтөҕүм. Ыттара суох этилэр. Ыраах сырыыларыгар түптэлэс тымныыга балаакканан, тимир оһоҕунан сыталлар үһү диэн буолара. Ол курдук хаста да Нуотараҕа уонна арааһа тииҥнии Өлүөхүмэҕэ дуу, Өймөкөөҥҥө дуу сылдьыталаабыт буолуохтаах. Дойдутугар андаатар ситэ илигинэ сыарҕалаах атынан сылдьан солоҥдоҕо, кырынааска, саһылга тоһуур быраҕарыгар ханна тохтуур сиригэр балаакаланан хонор үгэстээх быһыылаах эбит. Тохсуһу бүтэрбит сайыммар Бэрэҕэ Ногуруодап Боруонньа салайар илии звенотугар сылдьыбытым. Онно бастакы дэкээдэҕэ Мэхээлискэ сылдьыспыта. Онно обургу буолбут уол кинини кытта элбэхтик алтыспытым.
Ылыганнаах диэн сабарайы охсо сырыттахпытына куулатынан обургу тиит мастаах эниэтигэр алта бөрө сылгыны тардан баран хоно сыппыт сирдэрин ыйан көрдөрбүтэ. Бачча чугаһынан ааһар эбиттэр дуу диэн дьиктиргии санаабытым. Ол сайын Бэрэ Дьөлгөрүтүн үрдүнээҕи өтөххө обургу соҕус усталаах көҥдөй тиит мас сытарын Ноҕоруодап таабырын оҥорон көрдөрбүтэ. Ол таабырына — Мэхээлискэ хаарга көмөн, иһигэр мэҥиэлээн кырынааска хапкаан уурар маһа эбит этэ .Уонна Мэхээлискэ биир кырынааһы ылаары кыһын кэбиһиилээх окко хонон турар үһү диэн кэпсээбитэ. Ону кэлин хоту охотоведтыы сылдьан командировкаҕа түүлээх туттара сылдьан быыспар кэлэ сылдьан ыйыппыппар сымыйалара диэн күлэн кэбиспитэ. Оҕонньор Ноҕоруодабы Моҕуруодап, Нойотууру Мойотуур, солоҥдону соломо диэн ааттыырын бэлиэтии истибитим.
Бэйэтин малын, туттар сэбин олох тутан да көрөллөрүн сөбүлээбэт дьикти кэмэлдьилээҕин өйдүүбүн. Бэйэтэ оҥостубут удьурҕай уктаах быһаҕын олох киһиттэн дьалты тута сылдьара. Дьээбэҕэ тардыалаһан көрөн мэлийэрим. Куһаҕан баҕайытык көрөн кэбиһэрэ, биир кэмҥэ оҕонньор алааска тахсыбыт кэмигэр кини хотуурунан охсон көрбүтүм. Бэрт кыратык. Киһим кэлэн баран билэн: “Хотуурбун сиэбиккин, Дьөгүөрэбис үөнэ,” дии-дии өр баҕайы игиилээн оҥостубута. Итиннэ даҕатан эттэххэ, “үөн” тылы үөхсүүгэ буолбакка, куруук туттар тыла эбит этэ.. Тугу барытын “үөн” диир, оҕолорун кытта. Бөрөлөр кэлбиттэрин иһиттэҕинэ бултаһаары олох ис-иһиттэн үөрэн ньамайа-ньамайа “үөннэр кэлбиттэр” дии-дии хаамыталыырын билигин да харахпар көрөр курдукпун. Итиннэ даҕатан эттэхпинэ, мин Мэхээлискэ туосапкатын тутан көрбүт дьоллоохпун. Биирдэ кыһын киэһэлик бырааттарбын кытта баанньыктан иһэбит. Суолбут Мэхээлискэлэринэн этэ. Арай сыарҕалаах аттан саҥа түһэн эрэр эбит. Улахан баҕайы таба саҕынньахтаах. Атын төбөтүн диэки хааман балдьарайдаата. Сирэйэ-хараҕа тууна баалла сылдьар кырыа бөҕө. Ааһан иһэн сыарҕаҕа туосапка саа өйөннөрүллэн турарын көрбүтүм. Тулуйбатым. Хабан ыллым да, сотубуорун арыйдым уонна сатаан саппатым. Дьиэ диэки көрөн кыҥыы охсон эрэ ыллым, бу үчүгэйин, чэпчэкитин, олох оонньуур курдук. Уонна уура охсоот, салгыы бара турдубут. Бука, тыыппыппын билбитэ буолуо.. Үөннэр диэтэҕэ.
Уутуйан туран өр сылларга бултаабыт сирдэрэ Үҥкүртэн үөһээ Кылааннаах, Сиҥнибиттэр, Анды алааһын эҥэрдэрэ, Үрэх сүнньүтэ күөллэрэ, Төҥүргэстээх, Сылдьырыкы, Батаа Быыһа, Орто алаастар уонна Тарамтахыттан Дьалтаһы Хотоннооҕор дылы буолар эбит.
Ааттаах мас, тимир ууһа
Булчут Мэхээлискэ булчутун таһынан аны ааттаах мас ууһа этэ. Тугун барытын бэйэтэ оҥороро. Биһиэхэ оҕус сыарҕата оҥорбута. Ол сыарҕа оҕус туттуллубат буолуор дылы сылдьыбыта. Бэйэтин атын сыарҕата бэрт баҕайы оҥоһуулаах этэ. Бука, дьоҥҥо да ат, оҕус сыарҕаларын атын да оҥоһуктары оҥортообут буолуохтаах. Арай биирдэ Дьууруйга кэлбиппэр Мэхээлискэ ытаччаҕа туттаран баран улахан игиинэн охсубут саха быһаҕын игиинэн аалан кыладыйа олорор этэ. Дьууруйум бу быһаҕы Сэллэкэ Миитээҕэ оҥорор диэн эрэ кэбиспитэ. Онон буоллаҕына, оҕонньор маска эрэ буолбатах, тимири кытта тутан-хабан көрөр эбит. Кэлин истибитим Дагдаанча Киргиэлэйгэ икки саха быһаҕын оҥорбут үһү. Маска үчүгэйдэр дииллэрэ. Кырдьан да баран си дьүгээр сылдьыбатах. Кыра-кыралаан бултуу сылдьыбыт. Түүлээҕин олоччу туттарар эбит. Арай олох кырдьан баран бултаабыт сиэгэнинэн мин ийэбэр бэргэһэ тиктэрэн кэтээхтээбит. Биир түгэҥҥэ эмиэ командировкаҕа сылдьан анаан оҕонньорбор киирэ сылдьыбытым. Хоту охотоведтыыр диэн билэр буолан, бэркэ үөрэ көрсүбүтэ. “Дьөгүөрэбис уолаҕын дуу?” — диэн суолтатыгар ыйытан, күлэн арсайбыта. Арааһа, Дьөгүөрэбис үөнэ диэхтээҕин уларытта быһыылаах диэн бэйэм кытта күлбүтүм. Онно бултуур малларын көрдөспүппэр саараан баран көрдөрбүтэ. Араас барыта баара. Улахан дьааһыкка кичэллик ууруллубут элбэх бөрө хапкааннара бааллара. Барытын бэйэтэ ааттаах үчүгэйдик оҥорбут, сөкүлүөпкэлэрин бөҕөргөппүт аҕай этэ. Оруобуна улахан бөрөһүт булчуттар киэннэрин курдук. Бу санаатахха, кини сатаан аахпат, суруйбат киһи оччолорго эт мэйиитинэн толкуйдаан оҥордоҕо. Билиҥҥи курдук сурунаалтан эҥин көрөн тупсарбатах буоллаҕа.Таба саҕынньах баар этэ. Чааркааннар, айалар бааллара. Маны барытын ханна гынаҕын диэбиппэр хайдах эрэ сөбүлээбэтэҕэ. Ампаарын сабан кэбиспитэ уонна тоҥустар курдук сиргэ көмүөм диэбитэ. Тоҥустар бултарын сэбин сиргэ лаабаска хаалларалларын истибит буолан эппитэ эбитэ дуу дии саныыбын. Кэлин өлүөн иннинэ ампаара барыта умайан хаалбыт үһү диэн бэркэ хомойо истибитим. Дьэ, оҕордук буолан, туох баар сэптиин- сэбиргэллиин, ньымалыын барытын ийэ айылҕатыгар илдьэ бардаҕа улуу булчут Мэхээлискэ Батаахап..
Дьэ, манан айдарыылаах улуу булчут, уус, мас көнө, сэмэй, ньүдьү хара үлэһит киһи Мэхээлискэ Батаахап туһунан бэйэм билэрбинэн чахчы кырдьыгынан, одоҥ да буоллар, ахтыыбын түмүктүүбүн. Биһиги эҥэргэ кини курдук биллэр-көстөр улуу булчут өтөрүнэн үөскүө төрүө биллибэт.
Дьөгүөр Һэрэмээт.
Садын сирэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: