Мэйии үлэтигэр эти-сиини эрчийии үчүгэйдик дьайар
Успуордунан дьарыктаныы киһи доруобуйатын тупсарарын бары билэбит. Чуолаан, эти-сиини эрчийии мэйии үлэтигэр, өй-санаа сайдарыгар дьайар.
Өссө ааспыт үйэ 70‑с сылларыгар учуонайдар биир дьиктини арыйбыттара. Иллинойс штатын биир оскуолатыгар үөрэх уонна үөрэнээччилэр доруобуйаларын орто көрдөрүүтэ, атын оскуолаларга тэҥнээтэххэ, олус үрдүк буолбут. Учуонайдар бу үөрэх тэрилтэтигэр эти-сиини чэбдигирдэр дьарыктары атын сүрүн уруоктар иннилэринэ ыыталларын, ол иһин үөрэххэ ситиһии үрдүгүн быһаарбыттар. Ол курдук, чинчийээччилэр эти-сиини эрчийии мэйии үлэтигэр үчүгэйдик дьайарын бигэргэппиттэр.
Ханнык баҕарар хамсаныыттан, ол иһигэр успуордунан дьарыктаныыттан, организмҥа араас уларыйыылар тахсаллар. Киһи этин-сиинин эрчийиинэн күүскэ дьарыктанар буоллаҕына, мэйии түргэнник уонна туһалаахтык үлэлиир.
Киһи настарыанньата көтөҕүллэр, ылсыбыт дьыалатын бүтэрэ охсорго дьулуһар, өйүн-санаатын биир чопчу сорукка түмэр. Ону таһынан эти-сиини чэбдигирдии стреһи уонна депрессияны утары охсуһарга көмөлөһөр. Тоҕо диэтэххэ, эти-сиини чэбдигирдии сыалы-соругу ситиһэр уонна дьоһуннаах дьыаланан дьарыктанар баҕаны «атахтыыр» кортизол диэн гормону өлөрөр. Биллэрин курдук, ньиэрбэ килиэккэлэрэ, атын килиэккэлэр курдук, эмиэ чөлүгэр түһэллэр. Онон эти-сиини чэбдигирдии ньиэрбэ систиэмэтигэр саҥа килиэккэлэр туһалаахтык киирэн биэрэллэригэр көмөлөһөр, мэйии когнитивнай функциялара тупсаллар.
Эти-сиини ноҕуруускалааһын ханнык көрүҥнэрэ киһи өйүн-санаатын сайыннарарыгар көмөлөһөллөрүй?
Бастатан туран, гимнастика, тыыныы гимнастиката, хаамыы, харбааһын, йога, футбол, тиэннис, волейбол уо. д.а.
Гимнастика бүттүүн организмҥа хаан эргиирин тупсарарынан туһалаах, онон мэйии аһыырын күүһүрдэр. Онтон тыыныы гимнастиката киһи өр өйдүүр дьоҕуругар дьайар, мэйиини кислородунан хааччыйыы көмөтүнэн тупсарар. Сибиэһэй салгыҥҥа хаамыы килиэккэлэргэ сөптөөх ахсааннаах кислород киирэригэр көмөлөһөр.
Быччыҥы барытын үлэлэтэр харбааһын мэйии хаанынан хааччылларыгар үчүгэйдик дьайар.
Оттон йоганан дьарыктаныы киһи мэйиитигэр түөрт хайысхаҕа дьайар:
— йога килиэккэлэри кислородунан толорор;
— нейрон холбоһуулара элбииригэр көмөлөһөр;
— өйү-санааны уоскутар;
— курдаттыы таайар дьоҕуру сайыннарар.
Оттон үҥкүүгэ быччыҥнар бары үлэлииллэр, ону таһынан эти-сиини тупсарарга уонна салайарга дьайаллар. Үҥкүү кэмигэр мэйии ноҕуруускаларга тулуурдаах буолар, сөптөөх кислороду ылар. Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, үҥкүү деменция сайдар кутталын намтатар.
Манна сыһыаран эттэххэ, хабылык уонна хаамыска курдук сахалыы остуол оонньуулара мэйии үлэтигэр олус үчүгэйдик дьайаллар.
Ити курдук, эти-сиини чэбдигирдиинэн көхтөөхтүк дьарыктаныы хас биирдии аныгы киһиэхэ олус суолталаах. Тоҕо диэтэххэ, киһи этэ-сиинэ эрэ буолбакка, мэйии үлэтэ эмиэ сайдар.
Мария АНТОНОВА, социальнай педагог, эмтиир-физкултуура кэбиниэтин инструктора
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: