Мэйиини харыстыыры санатар нэдиэлэ саҕаланна
“Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак чэрчитинэн уонна Мэйии аан дойдутааҕы күнүнэн Мэйиини харыстааһын нэдиэлэтэ Арассыыйаҕа от ыйын 17-23 күннэригэр ыытыллар.
Саха сирин мэдиссиинискэй тэрилтэлэригэр араас тэрээһиннэр ыытыллыахтара. Тэрээһиннэргэ нэһилиэнньэ бэйэтин мэйиитин харыстыыра уонна мэйии функциялара кэһиллиитин кытары сибээстээх ыарыылары эрдэттэн сэрэтэрэ наадалааҕын туһунан иһитиннэриэхтэрэ.
Мэйиигэ сүрүн куттал – хаан эргиирин араас кэһиллиилэрэ. Арассыыйаҕа сыл аайы 450 тыһыынча курдук киһи инсуллуур. Саха сиригэр 2000 кэриҥэ киһи бу ыарахан ыарыыны аан бастаан билэр, кинилэртэн 20 бырыһыаннара эрэ урукку олоҕор төннөр, атыттар өлөллөр эбэтэр инбэлиит буолаллар.
Мэйии үлэтин харыстыырга өйү күүскэ үлэлэтэргэ, эт-сиин эрчиллиилэринэн дьарыктанарга, сөпкө аһыырга, стресстэн куотарга, табахтан, арыгыттан аккаастанарга сүбэлииллэр. Ону таһынан төбө ыарыыта, мэйии эргийиитэ, саҥарар саҥаҥ, көрөрүҥ, өйдүүр дьоҕуруҥ уларыйыыта курдук сибикилэр баар буоллахтарына, кэмигэр бырааска көрдөрүү улахан суолталаах.
Мэйии туругун харыстааһын нэдиэлэтэ биһиги сүрүн уоргаммытыгар –мэйиигэ ураты болҕомтону уурарбытыгар төрүөт буолуоҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: