Мэйиккэ эти-хааны чэбдигирдэр тэрээһиннэр үгэскэ кубулуйдулар
«Доруобуйа күнүн» чэрчитинэн Үөһээ Бүлүү улууһун Мэйик нэһилиэгэр Сынньалаҥ киинин көҕүлээһининэн, йога-гимнастика буолла. Хас оптуорунньук аайы ыытыллар эти-хааны чэбдигирдэр тэрээһини нэһилиэк олохтоохторо астына кэтэһэр буоллулар.
Йога-гимнастиканы иилээн-саҕалаан элбэх оҕолоох ийэ, нэһилиэк тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттар уопсастыбанньык Екатерина Спиридонова ыытта.
Хас нэдиэлэ аайы биир күн нэһилиэк олохтоохторо сэрээккэҕэ түмсэр биир саҥа үгэстэннилэр. Маннык сүүрээн нэһилиэккэ саҥа киирдэ. Чэбдигирии тэрээһинин Ньургууна Чирикова сүрүннээн салайар.
Нэһилиэк тэрилтэлэрин салайааччылара бары күргүөмүнэн кытталлара олус кэрэхсэбиллээх. Ол курдук орто оскуола дириэктэрэ Николай Саввинов, кулууп дириэктэрэ Семен Васильев, Иван Яковлев салалталаах нэһилэк дьаһалтатын үлэһиттэрэ сэрээккэни көтүппэккэ сылдьаллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: