Мэйиктэр байыастарга көмөлөһөллөр
Бэҕэһээ, сэтинньи 15 күнүгэр, «Своих не бросаем» диэн байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар аналлаах аахсыйаҕа Үөһээ Бүлүү улууһун Мэйик нэһилиэгин олохтоохторун көмөлөрүнэн барыта 96.000 харчынан киирдэ.
10 дьааһык ас-үөл астанан саллааттарга барда, «Күнчээн» оҕо уһуйаанын оҕолоро уруһуйдаан улуус киинигэр туттардылар.
Бу аата, чахчы даҕаны Мэйик нэһилиэгэ, өссө төгүл түмсүүлээҕин көрдөрдө.
«Ситим» эбээлэр, биэнсийэлээхтэр түмсүүлэригэр, «Сайдыына» түмсүүгэ, сынньалаҥ киинин кэлэктиибигэр Мэйикпит нэһилиэгин аламаҕай дьонугар-сэргэтигэр махтанабыт!
Айыы киһитэ аһыныгас, күн киһитэ көмүскэс диэн санаанан салайтаран, биир сомоҕо буолан бу аахсыйаҕа бүттүүн кытынныбыт», — диэн нэһилиэк дьаһалтатын үлэһиттэрэ махтаналлар.
Киирбит үп барыта, биир дойдулаахтарыгар — байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар барыа.
Мэйиктэр хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ нус-хас олоҕу, чэгиэн доруобуйаны, дойдуга эйэлээх олох кэлэрин туһугар үрдүк айыылартан көрдөһөн туран алгыстарын анаатылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: