Мөлүйүөннээх кирбиини ситистибит
Арассыыйа бэчээтин күнүнэн ааспыт сылга тугу ситиспиппитин, оҥорбуппутун сүрүннэрин билиһиннэрэбит. Барыгытын Арассыыйа бэчээтин күнүнэн эҕэрдэлиибит!
Александр Тарасов, «Саха сирэ» хаһыат уонна “Саха сирэ”, “Эдэр саас” саайтар сүрүн эрэдээктэрдэрэ:
– Кэлиҥҥи кэмҥэ аныгы олох сайдыытын тэтиминэн электроннай таһаарыылар, ол иһигэр, “Саха сирэ”, “Эдэр саас” саайтар, сахалыы таһаарыыларга инники күөҥҥэ таҕыстылар. Быйыл сэтинньи, ахсынньы ыйдарга «Саха сирэ» саайт көрдөрүүтүн (просмотр) 1000000 (мөлүйүөннээх) кирбиигэ тириэртибит. Онон, сахалыы тылынан дьон сонуннары ааҕара элбээн иһэрэ саайтпытын интэриэһиргииллэрин туоһулуур. Ааҕааччыларбытыгар биһигини кытта бииргэ буолалларыгар махтанабыт. Өссө да сэргэх, сонун матырыйааллары таһаарарга дьулуһуохпут диэн эрэннэрэбит.
Анивера Акимова, “Саха сирэ” хаһыат сүрүн эрэдээктэрин солбуйааччы:
— Эрэдээктэрдэр суруналыыстардааҕар үлэбит арыый атын соҕус. Хаһыакка, саайтка матырыйааллары суруйуу, эрэдээксийэлээһин, бэлэмнээн таһаарыы таһынан бырайыактарга үлэлэһэбит. Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн уонна Саха сиригэр Оҕо саас сылларыгар анаан ааспыт сайын “Дьиэ кэргэнинэн ыллыыбыт” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа куонкуруһун тэрийэн ыыппыппыт. Маны таһынан тэттик кэпсээннэргэ куонкурус ыытан, Дьокуускай куораттан, Үөһээ Бүлүүттэн, Өлүөхүмэттэн, Өймөкөөнтөн, Ньурбаттан, Уус Алдантан уонна да атын улуустартан 30-ча айымньыны туттубут. Бу кэпсээннэри хаһыаппытыгар, саайпытыгар таһаардыбыт.
Тус бырайыактарым туһунан кэпсиир буоллахха, сыл саҥата “Маны билэҕин дуо?” диэн видеобырайыагы саҕалаабытым. Уопсайа уонча дьоҕус биэриини оҥордум.
Айтана Аммосова, “Саха сирэ” хаһыат сүрүн эрэдээктэрин солбуйааччы:
– Мин эрэдээксийэҕэ икки саайт – sakha-sire.ru уонна edersaas.ru үлэлэригэр эппиэтинэстээхпин. Sakha-sire.ru саайтка тохтобула уонна өрөбүлэ суох тэттик сонуннар, репортажтар, ырытыылар, интервьюлар тахсаллар. Маны барытын “Саха сирэ” эрэдээксийэтин кэрэспэдьиэннэрэ нэдиэлэ аайы тахсар хаһыаты кытта тэҥҥэ оҥороллор.
Саайпытыгар быйыл ааҕааччыбыт ахсаана элбээтэ, күннэтэ таһаарар сонуннарбыт 40-50 тыһ. кэриҥэ ааҕыылаах буолаллара биһиэхэ улахан ситиһиинэн буолар. Былырыын баччаларга күҥҥэ 20 тыһыынчата ааҕар эбит буоллахтарына, быйыл бу көрдөрүү икки бүк үрдээтэ.
Оттон edersaas.ru саайпытыгар күн аайы тахсар кэпсээннэрбитин, тургутуктарбытын дьон-сэргэ номнуо буолуохтааҕын курдук ылынар, күүтэр, интэриэһиргиир буолла.
Кэрэспэдьиэннэрбит суруйар сонуннарын элбэх киһи ааҕарын ситиһэр сыалтан быйыл араас үлэни ыыттыбыт. Ол үтүө түмүктэри аҕалан, өрөспүүбүлүкэҕэ сахалыы сонуннары тарҕатар саайтартан биһиэннэрэ уһулуччу бастыҥ көрдөрүүлэннилэр. Ону дааннайдары хомуйар анаан саайтар бигэргэтэллэр.
Василий Прокопьев, таһаарааччы эрэдээктэр:
– Ааспыт сыллааҕы үлэ түмүгүн таһаарар, саамай чаҕылхай түгэннэрин бэлиэтээн ааһар ханнык баҕарар тэрилтэҕэ долгутуулаах кэм.
«Саха сирэ» эрэдээксийсэҕэ быйыл кулун тутар ыйтан үлэлии киирбитим. Үлэм чааһынан саайтка таһаарааччы эрэдээктэр быһыытынан ананан, номнуо 10 ый ааһа оҕуста. Саҥа кэлэктиип, интэриэһинэй дьон-сэргэ, саҥа үлэ, атын хайысха олоҕум саҥа түһүмэҕинэн буолар. Инникитин саҥа кыахтары, саҥа сыаллары-соруктары уонна ситиһиилэри күүтэбин.
Биир сыллааҕы үлэм ситиһиилэрин таһаарар буоллахха, «Саха сирэ» эрэдээксийэҕэ киирэн баран, бастатан туран, СӨ Инновацияҕа, сыыппара сайдыытыгар уонна инфокоммуникационнай технологияларга министиэристибэтэ, Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун Саха сиринээҕи салаата уонна Арассыыйа национальнай СМИ-лэрин ассоциацията тэрийэн ыытар «Уһун Дьурантаайы-2024» күрэх «Бастыҥ кэпсээччи-2024» номинациятыгар тиксибитим. Иккиһинэн, «Саха сирэ» хаһыат саайтыгар тахсар сонуннары өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо сэргииллэрин, сэҥээрэллэрин бэлиэтинэн сэтинньи ый көрдөрүүтүнэн ааҕааччы биллэ элбээн, мөлүйүөнтэн тахса көрүүнү аһарыыга кыттыгастаахпыттан үөрэбин. Ааҕааччыларга биһигини кытта бииргэ буолалларыгар махтанабыт. Өссө да сэргэх, сонун матырыйааллары таһаарарга дьулуһуохпут диэн эрэннэрэбит. Үсүһүнэн, сыралаах үлэм бэлиэтинэн «Бэчээт туйгуна» үрдүк наҕарааданы туттум.
Өрөспүүбүлүкэ тылын сайыннарыытыгар үлэлиир биир идэлээхтэрбэр, мэлдьи өйүүр чугас дьоммор, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар баҕарабын: үөрүүнү-көтүүнү, дьолу-саргыны, санаабыт санааҕыт барыта туолан истин.
Сардаана Баснаева, “Саха сирэ” хаһыат саайтын таһаарааччы эрэдээктэрэ:
— 2024 сылга икки аҥаар сыл устатыгар суруйбут бырайыакпынан — “Сэдэх эспэнээттэринэн” өрөспүүбүлүкэ таһымнаах төгүрүк остуол уонна быыстапка өрө көтөҕүллүүлээхтик ыытылынна. Бу билиини-көрүүнү хаҥатар, устуоруйаны сэгэтэр, үйэтитиигэ үлэлэһэр соруктаах бырайыак тэрээһинигэр хаһыакка, саайтка тахсыбыт сүүрбэттэн тахса түмэл сөбүлэһэн көмөлөспүтүгэр барҕа махтал. Ол түмүгэр Ем.Ярославскай аатынан түмэлгэ хаһыат уонна түмэллэр көмөлөөн тэрийбит быыстапкабытыгар 17993 киһи сылдьыбыта устуоруйаны сэҥээрии, уруккуну билэр-көрөр баҕа улаханын көрдөрөр. Маны сэргэ, үйэтитии тиэмэтигэр, кыһалҕалаах боппуруостары быһаарсыыга анаммыт «төгүрүк остуолга» Култуура министиэристибэтэ кыттыылаах киэҥ кэпсэтии ыытыллыбыта хайаан да үтүө түмүктэрдээх буоларыгар эрэнэбин. Хаһыат үйэтитиигэ, билиини-көрүүнү хаҥатыыга, кэнчээри ыччакка тиэрдиигэ үлэтэ салҕанар.
–
Ангелина Васильева, суруналыыс:
– Ааспыт сылга үлэҕэ саҥа сүүрээнинэн “Атах тэпсэн олорон кэпсэтиэх” диэн биэриини ыытыы буолла. Икки биэриини бэлэмнээтим.
Аммаҕа буолбут Олоҥхо ыһыаҕар, “Азия оҕолоругар”, бэрэсидьиэн быыбарыгар, Ил Дархан быһа эпиирдэригэр, социальнай эйгэни, култуураны сырдатыыга күүстээх үлэ барда.
Ый аайы отчуот оҥоробут, ол чэрчитинэн, ааҕан көрбүтүм, сыл устата 116 хаһыат балаһата, саайтка 700-тэн тахса информация, телеграм-ханаалга 70-ча пост тахсыбыт. Быһа холуйан ааҕан көрдөххө, сылга ортотунан 1,5 мөлүйүөн кэриҥэ сурук бэлиэтэ суруллубут.
Ол онтон саайтка саамай элбэх көрүүлээхтэрэ – “Мари Сырдык Күүс 2024 сылы билгэлээтэ” суруйууну 36,3 тыһыынча киһи көрбүт. “Оборуона миниистирин кэргэнэ Марк Жирков сиэнэ дуо?” – 27,9 тыһыынча киһи, “Аныгы кэм Боотур ойууна” – 15,7 тыһыынча киһи көрбүт.
Сыл бүтэһигэр “Аптаах таас “ диэн оҕолорго аналлаах фэнтези истииллээх кинигэм тахсан, үөртэ. “Татаар аныгы оҕо литературатын антологиятыгар” хоһооннору тылбаастаабытым киирбит. Быйыл биир идэлээҕим Ангелина Данилованы кытары “Өркөн өйгө” муҥутуур кыайыылаах буоллубут. “Уһун Дьурантаайы” суруналыыстар куонкурустарыгар 1 үрдэл буолбутум.
Ульяна Захарова, суруналыыс:
– Ааһан эрэр сыл үлэбэр-хамнаспар саҥа санаалары, идиэйэлэри биэрдэ. Ол курдук, уруккуттан иитиэхтии сылдьыбыт санаабын олоххо киллэрээри, “Атах тэпсэн олорон кэпсэтиэх” бырайыагы толкуйдаабытым. Бырайыакка кэллиэгэлэрим көхтөөхтүк кыттыһан санаабын кынаттаатылар. Бу сыл устата “Кураанахха ипотека харчытын төлүүллэр” диэн хас да түһүмэхтээх суруйуум ааҕааччылар болҕомтолорун тардыбыта уонна ааспыт сайын Национальнай бэчээт күнүгэр “Уһун Дьурантаайы” саха тыллаах суруналыыстыка аһаҕас күрэҕэр “Бастыҥ ырытааччы” II үктэлигэр тиксибитэ. Итини таһынан, СӨ Бырабыыталыстыбатын Махтал суругар тиксибитим.
Людмила Попова, суруналыыс:
– Тус бэйэбэр элбэҕи эргитэн толкуйдатар, ханнык эрэ түгэннэргэ тургутан да көрөр сыл ааста.
Элбэх кинигэни аахтым, билиибин-көрүүбүн биллэ хаҥатынным. Бу барыта өбүгэлэрбит олохторугар-дьаһахтарыгар, итэҕэллэригэр, көрүүлэригэр, устуоруйаҕа сыһыаннаах кинигэлэр. Бастатан туран, үлэбэр ахсааны эккирэппэтим, көрдөрүүгэ таласпатым. Ол оннугар, бүгүҥҥү иннэ-кэннэ биллибэт олохпутугар сахалыы толкуй, ырытан-ыараҥнатан көрүү, холкутуйуу ирдэнэр дуу диэн санааттан миэхэ сүктэриллибит үөрэххэ сыһыаннаах тиэмэм таһынан, сахалыы билиигэ-көрүүгэ аналлаах балачча сүбэлэри чөкөттүм. Иккиһинэн, быйыл дойдум – Өлүөхүмэ улууһа ууга барбытыгар “Сомоҕо” түмсүү аатыттан көмөбүт, түүннэри-күннэри барбыт үлэ сыллааҕы биир умнуллубат хамсаныы буолан хаалар. Онон дьоҥҥо туһалаатарбын диэн туруоруммут сорукпун ситистим дии саныыбын.
Күндү ааҕааччыларбыт! Ханнык даҕаны түгэҥҥэ санааҕытын түһэримэҥ. Оол, онно, ыраах кылайар биир да кыах бэрилиннэҕинэ ону туһаныҥ, хамсаныҥ.
Женни Стрюкова, суруналыыс:
– Ааһан эрэр сылга, өрүү буоларын курдук, тыа хаһаайыстыбатын, хомунаалынай хаһаайыстыба, бултааһын тиэмэлэрин ситимнээхтик сырдаттым. Ону тэҥэ “Хаһыат уонна ааҕааччы”, “Ыйыт-хоруйдуубут” балаһалары таһаардым. Үгүс дьон илиинэн суруйан киллэрэр суруктарын бэчээттээтим.
Ааҕааччылар ыйытыыларыгар туһааннаах тэрилтэлэртэн хоруйдары бэйэм кыахпынан ыларга кыһанным. Кырдьык, күннээҕи-олоххо сыһыаннаах мунаарар ыйытыыларбыт үгүстэр. Судаарыстыбаннай уонна чааһынай тэрилтэлэр инникитин “Саха сирэ” хаһыакка дьон суруктарыгар түргэнник хоруйдуулларыгар баҕарабын.
Надежда Егорова, суруналыыс:
– Үлэбинэн элбэх сиргэ сырыттым, дьону-сэргэни кытары көрүстүм. Ол барыта суруналыыс киһиэхэ саҥаттан саҥа санаа саҕылларыгар, кэрэхсэбиллээх матырыйааллар тахсалларыгар көмөлөөх. “Буолла, тэрилиннэ, оччо киһи кытынна” диэн кылгас иһитиннэриилэринэн муҥурдаммакка, сиһилии суруйарга кыһаллабын. Аны саайтка суруйууларгын элбэх киһи ааҕарыгар үлэлэһэҕин, социальнай ситимнэргэ барытыгар үлэлиигин. Урут “Акцент” биэриигэ дьоруойдары ыҥыран кэпсэтэр этибит. Билигин “Атах тэпсэн олорон кэпсэтиэх” биэриигэ ылсан эрэбин. Онон суруналыыс үлэтэ олус умсугутуулаах.
Эрэдээксийэ ыытар тэрээһиннэригэр, куонкурустарыгар, бырайыактарыгар, хаһыакка суруйтарыы аахсыйаларыгар куруук үөрэ-көтө кыттабын.
Антонина Эверстова, суруналыыс:
– Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ ааһан иһэр сыл улахан уларыйыылары аҕалла. “Саха сирэ” хаһыакка үлэлии сылдьан, 2015 с. Кэбээйи улууһун “Дабаан” хаһыатыгар баран үлэлээбиппит. Быйыл куоракка төннөн кэлбиппитигэр, хаһыатым салалтата үлэбэр төттөрү ылан, тапталлаах кэлэктииппэр киирэн үлэлии сылдьабын. Сүрүннээн тутуу, билим хайысхаларын сырдатабын.
Елена Потоцкая, суруналыыс:
– Ааһан эрэр сыл миэхэ өйдүү-саныы сылдьарга олус үгүс дириҥ ис хоһоонноох умнуллубат өйдөбүлү хаалларда. Хаһан да айаннаабатахпын айаннаатым.
Ол курдук, бэс ыйын саҥата Татарстан Казань, атырдьах ыйын саҥатыгар Санкт-Петербург курдук киин куораттарга тиийэр дьол тосхойбута. Аны бэс ыйыгар Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕа – биир умнуллубат түгэн. Онон ааһан эрэр 2024 сылга махталым сүҥкэн! Кэлэр сыл эмиэ үтүө, сырдык эрэ түгэннэри бэлэхтиирэ буоллар диэн санаалаахпын.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: