Мэҥэ Алдан дэлэгээссийэтэ Чөркөөххө кэлэн уопут атастаста
Бу күннэргэ Томпо улууһун Мэҥэ Алдан нэһилиэгин дэлэгээссийэтэ Чөркөөххө кэлэн кыраайы үөрэтээччи Гаврил Вырдылинтан нэһилиэк сир ааттаах электроннай каартатын хайдах оҥорорун көрөн, үөрэтэн бардылар.
Кыраайы үөрэтээччи Гаврил Вырдылин ыытар үлэтин туһунан маннык сырдатта:
— «Октябрьскай нэһилиэгин сирдэрин төрүт ааттардаах электроннай каартата», «Өбүгэ сирэ», «Үйэлээх ситим» диэн бырайыактары өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан саҕалаабытым. Бу үлэлэрим биһирэнэн, Ил Түмэҥҥэ тиийэ ырыппыттара. Аны өрөспүүбүлүкэ нэһилиэктэрин сийиэһин уурааҕар киирэн, Саха сирин улуустарыгар бүттүүнүгэр тарҕаммыта. Онтон бу бырайыактарым Саха сиринээҕи «Төрүччү төлкөтө» сийиэһигэр, Уһук Илиҥҥи эрэгийиэннэр пуорумнарыгар, соторутааҕыта Хабаровскай куоракка буолбут Төрүччү кэмпириэнсийэтигэр биһирэбили ылбыттара.
Таатта улууһун бары нэһилиэктэрэ бачыыммын өйөөн, «сирдэрбит төрүт ааттара сүтэр кутталга киирдилэр» диэн өйдөөн, бииргэ үлэлэһэ сылдьаллара кэрэхсэбиллээх. Үгүстэр үлэлэрин түмүктээтилэр. Улуус салалтата биллэрбит икки сыллаах куонкуруһа быйыл ахсынньыга түмүктэниэхтээх. Оччоҕо Ытык Таатта улууһун сирин-уотун былыргыттан ааттанан кэлбит саха тылын сүмэтин иҥэриммит ааттара тиллиэҕэ, кэнчээри ыччакка салгыы хаалыаҕа диэн эрэнэбин.
Оттон Томпо улууһун Мэҥэ Алданыттан кэлэн уопут атастаһан барбыт дэлэгээссийэҕэ истиҥ махталбын биллэрэбин. Ити курдук, баҕалаах нэһилиэктэр көхтөөх уопсастыбанньыктарыгар көмөлөһөргө, бэйэм кэскиллээх уопуппун атастаһарга бэлэммин.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: