Мэҥэ Алдан дэлэгээссийэтэ Чөркөөххө кэлэн уопут атастаста

Share

Бу күннэргэ Томпо улууһун Мэҥэ Алдан нэһилиэгин дэлэгээссийэтэ Чөркөөххө кэлэн кыраайы үөрэтээччи  Гаврил Вырдылинтан нэһилиэк сир ааттаах электроннай каартатын хайдах оҥорорун көрөн, үөрэтэн бардылар.

Кыраайы үөрэтээччи Гаврил Вырдылин ыытар үлэтин  туһунан маннык сырдатта:

— «Октябрьскай нэһилиэгин сирдэрин төрүт ааттардаах электроннай каартата», «Өбүгэ сирэ», «Үйэлээх ситим» диэн бырайыактары өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан саҕалаабытым. Бу үлэлэрим биһирэнэн, Ил Түмэҥҥэ тиийэ ырыппыттара. Аны өрөспүүбүлүкэ нэһилиэктэрин сийиэһин уурааҕар киирэн, Саха сирин улуустарыгар  бүттүүнүгэр тарҕаммыта. Онтон бу бырайыактарым Саха сиринээҕи «Төрүччү төлкөтө» сийиэһигэр,  Уһук Илиҥҥи эрэгийиэннэр пуорумнарыгар, соторутааҕыта Хабаровскай куоракка буолбут Төрүччү кэмпириэнсийэтигэр биһирэбили ылбыттара.
Таатта улууһун бары нэһилиэктэрэ бачыыммын өйөөн, «сирдэрбит төрүт ааттара сүтэр кутталга киирдилэр» диэн өйдөөн, бииргэ үлэлэһэ сылдьаллара кэрэхсэбиллээх. Үгүстэр үлэлэрин түмүктээтилэр.  Улуус салалтата биллэрбит икки сыллаах куонкуруһа быйыл ахсынньыга түмүктэниэхтээх. Оччоҕо Ытык Таатта улууһун сирин-уотун былыргыттан ааттанан кэлбит саха тылын сүмэтин иҥэриммит ааттара тиллиэҕэ, кэнчээри ыччакка салгыы хаалыаҕа диэн эрэнэбин.

Оттон Томпо улууһун Мэҥэ Алданыттан кэлэн уопут атастаһан барбыт дэлэгээссийэҕэ истиҥ махталбын биллэрэбин. Ити курдук, баҕалаах нэһилиэктэр  көхтөөх уопсастыбанньыктарыгар көмөлөһөргө, бэйэм кэскиллээх  уопуппун атастаһарга бэлэммин. 

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Быһаҕынан анньыллан балыыһаҕа киирбит

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу түөрт түбэлтэтэ тахсан, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар ылылынна. Нам улууһугар Бүтэй…

39 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Энэргиэтик күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Бүгүн Энэргиэтик күнэ бэлиэтэнэр. Бу бэлиэ күнүнэн Ил Дархан Айсен Николаев энэргэтиичэскэй тиһик үлэһиттэрин, бэтэрээннэрин…

57 минут ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Гаврил Алексеев: “Уот ситимэ арахсара аҕыйаата”

Элэктэриичэстибэ  уотуттан, ититииттэн биһиги олохпут быһаччы тутулук­таах. Онон, Саха сирин курдук тыйыс усулуобуйалаах дойдуга энэргиэтикэ …

59 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Элгээйигэ — дуобат күрэҕэ

Бу күннэргэ Сунтаар улууһун Элгээйи нэһилиэгин Уйбаан Нуолур аатынан модельнай бибилэтиэкэҕэ үгэс буолбут сылын аайы…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, ахсынньы 22 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруулуу-илин, соҕуруу өттүгэр кыралаан хаардыаҕа, киин оройуоннарга сорох сиринэн…

3 часа ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Харыйата  буолан ааста

Бүгүн Саха цииркэтигэр сылга биирдэ ыытыллар дьоро күн буолла – Ил Дархан үгэскэ кубулуйбут Харыйата.…

14 часов ago