Мэҥэ Боҕуруоскай таҥаратын дьиэтэ төрүттэммитэ 200 сылынан чөлүгэр түһэрилиннэ
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бүтэйдээх нэһилиэгэр Мэҥэ Боҕуруоскай таҥара дьиэтэ төрүттэммитэ 200 сылын бэлиэтээтэ.
Тэрээһиҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин иккис Бэрэсдьиэнэ, судаарыстыбаннай сүбэһит Вячеслав Штыров, «ЛОРП» ПАУо генеральнай дириэктэрэ Сергей Ларионов, Епархия сүбэһитэ, таҥара дьиэтин бэбэчиитэлэ Афанасий Мигалкин кыттыыны ыллылар.
Бу туһунан Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Сулууспаны Дьокуускай уонна Ленскэй архиепискоба Роман Владыка иилээн-саҕалаан ыытта.
Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, иконописец Ирина Тимофеева бэлэх ууммут сахалыы истииллээх иконатын, маастар Еримей Малышев оҥорбут иконостаһын, үтүө санаалаахтар өйөөһүннэринэн бу сайын Москва куораттан кэлбит куолакаллары архиепискоба Роман Владыка мэлииппэ ааҕан, сибэтиэй уунан ыраастаата.
Улуус баһылыга Дмитрий Тихонов таҥара дьиэтэ икки үйэлээх үбүлүөйүн көрсөргө күүс-көмө буолбут, кылааттарын киллэрбит дьоҥҥо махтал тылларын этэн туран грамоталары туттарда, кыттыыны ылбыт ыҥырыылаах ыалдьыттарга биир дойдулаахтарыгар, худуоһунньук Николай Баишев суруйбут хартыыналарын бэлэх уунна.
Сулууспаны тэҥэ мас олордооһуна, баҕалаахтары сүрэхтээһин ыытылынна. Кэлбит дьон-сэргэ истиҥ, иһирэх эйгэҕэ киирэн астынан, дуоһуйан, санаалыын чэпчээн тарҕастылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: