Мэҥэ Хаҥалас Аллараа Бэстээҕэр «IT-Куб» сыыппара эйгэтин киинэ аһылынна

Share

Бүгүн Мэҥэ Хаҥалас улууһун киинигэр Аллараа Бэстээххэ РФ Бэрэсидьиэнэ   Владимир Путин көҕүлээбит «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак чэрчитинэн, Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн «IT-Куб» сыыппара эйгэтин киинин үөрүүлээх быһыыга аһылынна.

Оҕо саас сылыгар Сыыппара киинин аһыллыыта Мэҥэ Хаҥалас улууһугар бэртээхэй бэлэҕинэн буолла. Бу эбийиэк өссө биир суолталаах сылга олоххо киирбитин  туһунан улуус баһылыга Дмитрий Тихонов бэйэтин телеграм-ханаалыгар сырдатта: «Бу бэлиэ түгэн улууспутугар үөрэхтээһин төрүттэммитэ 150 сылыгар икки бүк суолталанан ураты бэлэх буолла.

Илин эҥэргэ бастакы «IT-Куб» эбии үөрэхтээһин киинин аһыллыытыгар СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Семенов, үөрэҕирии уонна билим миниистирэ Нюргуна Соколова кыттыыны ыллылар.

Сыыппара үөрэҕэр идэни талыыга туһаайар үлэни ыытар киин улууспут оҕолоругар аана куруук аһаҕас буолуоҕа. Аныгы олох тэтимигэр, ирдэбилигэр толору хоруйдуур эбии үөрэхтээһин киинэ кэнчээри ыччаппытыгар бары өттүнэн туһалаах, билии-көрүү чыпчаалын дабайалларыгар, сайдыылаах үйэни кытары тэҥҥэ хардыылыылларыгар күүс-көмө буоллун!».

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

22 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

1 час ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

1 час ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

1 час ago
  • Сонуннар

Оҕолор нэһилиэктэрин сонунун куйаар ситимигэр таһаардылар

Өлүөхүмэ улууһун Уолбут нэһилиэгэр “Эйгэ” сынньалаҥ киин дьиэтигэр араас тэрээһин барыта буолар. Быйыл өссө биир…

2 часа ago