Мэҥэ Хаҥалас дэлэгээссийэтэ — Белоруссияҕа
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун дэлэгээссийэтэ Белоруссия Гомельскай уобалаһын Лоевскай оройуонун Деражичи дэриэбинэтигэр бырааттыы көмүллүүгэ хараллан сытар сахалартан бастакы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Кузьмич Попов уҥуоҕар тиийэн, кини Ийэ дойдутун туһугар хорсун быһыытын иһин Дьоруой бэлиэтэ иҥэриллибитэ 80 сылынан миитиҥҥэ кытыннылар.
Бу туһунан улуус баһылыга Дмитрий Тихонов телеграм-ханаалыгар иһитиннэрдэ.
— Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар дьоруойдуу охтубут буойуттарбыт сырдык ааттарыгар сүгүрүйэн, кэриэстээн, чиэстээн пааматынньыкка сибэкки дьөрбөтүн уурдубут.
Биһиги чулуу биир дойдулаахпыт Федор Кузьмич Попов мэҥэ бэлиэтин уонна Сэбиэскэй Сойуус дьоруойдарын өйдөбүнньүк комплексын көрөллөрүн-истэллэрин, үйэтитиигэ үлэлэһэллэрин иһин Лоевскай оройуон салалтатыгар уонна олохтоохторугар дьоммут-сэргэбит аатыттан махталбытын тиэртибит. Оройуон баһылыгын Олег Викторович Таргонскайы кытта инники үлэбит тула, кэскиллээх былааннарбытын кэпсэттибит. Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат! — диэн Дмитрий Тихонов телеграмҥа суруйда.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: