Мэҥэ Хаҥалас дэлэгээссийэтэ — Белоруссияҕа

Share

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас  улууһун дэлэгээссийэтэ  Белоруссия Гомельскай уобалаһын Лоевскай оройуонун Деражичи дэриэбинэтигэр бырааттыы көмүллүүгэ хараллан сытар сахалартан бастакы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Кузьмич Попов уҥуоҕар тиийэн, кини Ийэ дойдутун туһугар хорсун быһыытын иһин Дьоруой бэлиэтэ иҥэриллибитэ 80 сылынан миитиҥҥэ кытыннылар. 

Бу туһунан улуус баһылыга Дмитрий Тихонов телеграм-ханаалыгар иһитиннэрдэ.

— Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар дьоруойдуу охтубут буойуттарбыт сырдык ааттарыгар сүгүрүйэн, кэриэстээн, чиэстээн пааматынньыкка сибэкки дьөрбөтүн уурдубут.

Биһиги чулуу биир дойдулаахпыт Федор Кузьмич Попов мэҥэ бэлиэтин уонна Сэбиэскэй Сойуус дьоруойдарын өйдөбүнньүк комплексын көрөллөрүн-истэллэрин, үйэтитиигэ үлэлэһэллэрин иһин Лоевскай оройуон салалтатыгар уонна олохтоохторугар дьоммут-сэргэбит аатыттан махталбытын тиэртибит. Оройуон баһылыгын Олег Викторович Таргонскайы кытта инники үлэбит тула, кэскиллээх былааннарбытын кэпсэттибит. Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат! — диэн Дмитрий Тихонов телеграмҥа суруйда.

@dmitriytikhon0v
What’s your Reaction?
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago