Мэҥэ Хаҥалас дьокутааттара уонна баһылыктара күрэхтэһэллэр
28.03.2024, 14:02
Бөлөххө киир:
Бэҕэһээ, кулун тутар 27 күнүгэр, Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтата, Сэбиэтин дьокутааттара, нэһилиэктэрин баһылыктара, оскуолаларын дириэктэрдэрэ аан бастаан доҕордоһуу көрсүһүүлэрэ ыытылынна.
Салайааччылар хамаандалара уопсайа биэс көрүҥҥэ: волейболга, ырааҕы ыстаныыга, дартска, корзинаҕа мээчиги таба быраҕыыга, дуобакка күөн көрүстүлэр, илин-кэлин түһүстүлэр диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Күрэхтэһии түмүгүнэн, чөл олоҕу, успуорду көҕүлүүргэ тэриллибит доҕордуу көрсүһүү көһө сылдьар куубагын улуус оскуолаларын дириэктэрдэрин хамаандата ылары ситистэ. Иккис бочуоттаах миэстэҕэ улуус дьаһалтатын хамаандата, үһүскэ – оройуон Сэбиэтин дьокутааттара таҕыстылар.
+1
1
+1
+1
+1
1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: