Салгыы
Мэҥэ Хаҥалас дьоно-сэргэтэ Нам улууһугар көмөлөһөр

Мэҥэ Хаҥалас дьоно-сэргэтэ Нам улууһугар көмөлөһөр

24.05.2024, 12:00
Бөлөххө киир:

Саха сирин олохтоохторо ууга барбыт улуустарга көмөлөһөллөр. Ол курдук, Мэҥэ Хаҥалас улууһун олохтоохторо халаан уутуттан улаханнык эмсэҕэлээбит Нам улууһугар анаммыт көмө аахсыйаҕа ыам ыйын 20 күнүттэн кытыннылар.

Онон улуус дьаһалтатыгар хамыыһыйа тэриллибитэ, бэрэссэдээтэлинэн улуус баһылыга Дмитрий Тихонов анаммыта. Кини туох-ханнык иннинэ улууһун олохтоохторугар туһаайан, халаантан эмсэҕэлээбиттэргэ көмөлөһүөҕүҥ диэн ыҥырыы сурук таһаарбыта. Итиннэ олоҕуран, улуустааҕы социальнай бэлиитикэ управлениетын иһинэн былаан торумнаммыта. Бары нэһилиэктэр, түмсүүлэр, аҕам саастаахтар, ыччаттар, дьаһалталар бары туора турбакка, аахсыйаҕа кыттыспыттара.

— Бу аахсыйаҕа 31 нэһилиэк кыттан, көмөлөстө. Улууспут үрдүнэн “Манчаары пуондата” үлэлээтэ. Бу пуондаҕа урбаанньыттар, биирдиилээн да дьон бэйэлэрин көмөлөрүн киллэрдилэр. Ыам ыйын 21 күнүгэр Майаҕа комсомольскай болуоссакка “Ырыа кырдала” диэн ырыа күнүгэр  бэртээхэй тэрээһин ыытылынна. Онно сэттэ нэһилиэктэн талааннаах дьон кытыннылар, биирдиилээн дьон харчы туттардылар. Манна улуус баһылыгын үс солбуйааччыта – В.В.Михайлов, А.А.Григорьева, В.В.Филиппов кытыннылар, Нам улууһугар көмөлөһүөҕүҥ диэн дьоҥҥо тылларын-өстөрүн тиэртилэр, көмөҕө кыттыстылар. Кырдьык, Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьоно хаһан даҕаны иэдээҥҥэ түбэспит дьоҥҥо көмөлөһөртөн туора турбаттар. Ол да иһин көмөнү тутар пууҥҥа дьоммут-сэргэбит көмөлөрүн аҕала турдулар. Ол курдук, хоромньуну көрсүбүт дьоҥҥо билиҥҥи кэмҥэ олус суолталаах күннээҕи туттар малы-салы, утуйар таҥаһы, эми-тому, оҕолорго канцелярскай табаардары, атах таҥаһын уо.д.а. аҕаллылар. Сабыс-саҥа сыттыгы, суорҕаны, орон таҥаһын биэрдилэр. Ас-үөл элбэх киирдэ: кэнсиэрбэ, куруппа арааһа. Киирбит аһы-үөлү, таҥаһы-сабы, малы барытын наардаатыбыт, — диир “Мэҥэ Хаҥалас улууһун  социальнай бэлиитикэҕэ управлениетын”  МКУ начаалынньыга Октябрина Никитична Кулешова.

Бүгүн аахсыйа кэмигэр хомуллубут малы-салы тиэммит оптуобус Нам улууһугар айаннаата. Көмөнү улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Василий Васильевич Михайлов илдьэн туттарар.  «Биир оптуобуска малбытын тобус-толору тиэйдибит», — дэһэллэр тэрийээччилэр.

Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьонун-сэргэтин курдук халаантан эмсэҕэлээбит Нам, Өлүөхүмэ улуустарыгар көмөлөһүҥ!

Хаартыска:О.Н.Кулешова тиксэрдэ.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: