Мэҥэ Хаҥалас Өлөчөйүгэр күөх төлөн кэллэ
Бүгүн Мэҥэ Хаҥалас улууһун Өлөчөйүгэр гаас күөх төлөнө умайда. Ил Дархан Айсен Николаев бу тэрээһиҥҥэ куйаар ситимин нөҥүө кытынна.
Бу туһунан улуус баһылыга Дмитрий Тихонов бэйэтин телеграм-ханаалыгар бу курдук сырдатта:
— Илин эҥээргэ 2003 сыллаахха гаас ситимэ кэлиэҕиттэн, биһиги улууска уон алтыс нэһилиэкпитигэр гаас киирдэ. Өлөчөйдөр өр сыллаах туруорсуулара олоххо киирэригэр биһиги Ил Дархаммыт Айсен Николаев быһаччы сорудаҕын быһыытынан бу үлэ ыытылынна. Эһиилги сылга Алтан нэһилиэгин хас биирдии ыала бу ситимҥэ холбонуоҕа. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр гаас утаҕар саҥа нэһилиэктэри, бөһүөлэктэри холбооһун былааннаахтык ыытыллар.
Бу үлэ хас биирдии ыал бигэ туруктаах буоларыгар, олоҕун таһыма үрдүүрүгэр төрөөбүт, олорор таптыыр Сахабыт сирэ салгыы сайдарыгар анаан ыытыллар. Ил Дархаммытыгар бу үлэни киэҥ хабааннаахтык ыытарыгар махталбын тиэрдэбин. Салгыы нэһилиэктэрбитин гаастааһыҥҥа үлэбитин өрөспүүбүлүкэбит салалтатын кытта тэтимин быспакка ыытабыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: