Мэҥэ Хаҥалас Өлөчөйө гааска холбонно
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Өлөчөй сэлиэнньэтигэр гаас кэллэ. Бу үөрүүлээх түгэҥҥэ Ил дархан Айсен Николаев кыттыыны ылла.
«Нэһилиэк олохтоохторугар гаас кэлиитэ саҥа олох саҕаланыытынан буолар. «Сахатранснефтегаз» хампаанньа сыралаах үлэтинэн Өлөчөй дьиэлэрэ гааска холбонон эрэллэр. Олохтоохтор дьоллоноллоро — бу биһиги үлэбит саамай сүрүн түмүгэ.
Элбэх оҕолоох Поповтарга ыалдьыттаатым. Кинилэр дьиэлэрэ гааска биир бастакынан холбонно. Ыал аҕата Иннокентий Николаевич байыаннай дьайыы кыттыылааҕа, бэйэтин баҕатынан төрөөбүт дойдутун көмүскүүргэ туруммута. Дьиэ кэргэн үс оҕолоох, төрөппүттэр оҕолоругар кыра эрдэхтэриттэн төрөөбүт сиргэ-уокка, үлэҕэ тапталы иҥэрэллэр. Кыра кыыс Ксюша Саха сирин туһунан хоһоон ааҕан иһитиннэрдэ. Поповтар гаас кэлэн, олохторо биллэ чэпчээбитин кэпсииллэр. Биһиги хас биирдии дьиэҕэ сылаас буоларыгар, дьон олоҕун хаачыстыбата тупсарыгар кыһаллабыт. Үлэ салҕанар!» — диэн Айсен Николаев телеграм-ханаалыгар суруйда.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: