Салгыы
Мэҥэ Хаҥалас Хочотун таһынан уу таһыма үрдээтэ

Мэҥэ Хаҥалас Хочотун таһынан уу таһыма үрдээтэ

Ааптар:
09.05.2023, 18:49
Хаартыска: Саха сирин суолга управлениета.
Бөлөххө киир:
Өрөспүүбүлүкэ соҕуруу, арҕаа уонна киин оройуоннарыгар баар кыра өрүстэр муустара хамсаан эрэрин туһунан бүгүҥҥү брифиҥҥэ СӨ Айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтин Уу сыһыаныгар уонна сырдатар үлэни ыытыыга департаменын салайааччыта Зинаида Васильева иһитиннэрдэ.

Горнай улууһугар Өрт, Маҕарас, Бэс Күөл сэлиэнньэлэригэр уу таһыма сыыйа  намтаан иһэр.  Бэрдьигэстээххэ «Матта» ууну хаайар сиртэн ууну  16 турбанан аһардаллар, балаһыанньа бигэ туруктаах. Мелиорация управлениетын үлэһиттэрэ дьуһуурустубалыыллар.

Мэҥэ Хаҥаласка Бэдьимэ,  Хорообут, Табаҕа таһынан уу намтыыр. Ол гынан баран Хочо сэлиэнньэтин таһынан уу таһыма  үрдээн,   «Амма» суолун таһыгар  мунньуллан эрэр.  Алта тиэргэни уу ылыан сөп.

Кэбээйи Сииттэтигэр уу алта олорор дьиэ тиэргэнигэр ыган кэлбит.  Онон муҥутуур бэлэмнээх буолуу эрэсиимэ биллэриллибит.

Горнайга Өрт сэлиэнньэтигэр элбэх кыбартыыралаах алта дьиэни,  16 дьиэ тиэргэнин, хочуолунайы, МФКЦ, спортсаала  территорияларын,  Бэс Күөлүгэр   3 дьиэни,  15 тиэргэни, Маҕараска  3  олорор дьиэни,  16  тиэргэни,  РЭС подстанциятын уу ылан турар.

Мэҥэ Хаҥалас Бэдьимэтигэр билигин 29 олорор дьиэ тиэргэнэ уу билиэниттэн босхолоно иликтэр.

Нам улууһугар Салбаҥ нэһилиэгин Хоҥор Биэ сэлиэнньэтигэр 22 дьиэ тиэргэниттэн ууну хачайдыыр үлэлэр ыытыллаллар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 декабря
  • -27°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 76% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: