Хаартыска: Саха сирин суолга управлениета.
Горнай улууһугар Өрт, Маҕарас, Бэс Күөл сэлиэнньэлэригэр уу таһыма сыыйа намтаан иһэр. Бэрдьигэстээххэ «Матта» ууну хаайар сиртэн ууну 16 турбанан аһардаллар, балаһыанньа бигэ туруктаах. Мелиорация управлениетын үлэһиттэрэ дьуһуурустубалыыллар.
Мэҥэ Хаҥаласка Бэдьимэ, Хорообут, Табаҕа таһынан уу намтыыр. Ол гынан баран Хочо сэлиэнньэтин таһынан уу таһыма үрдээн, «Амма» суолун таһыгар мунньуллан эрэр. Алта тиэргэни уу ылыан сөп.
Кэбээйи Сииттэтигэр уу алта олорор дьиэ тиэргэнигэр ыган кэлбит. Онон муҥутуур бэлэмнээх буолуу эрэсиимэ биллэриллибит.
Горнайга Өрт сэлиэнньэтигэр элбэх кыбартыыралаах алта дьиэни, 16 дьиэ тиэргэнин, хочуолунайы, МФКЦ, спортсаала территорияларын, Бэс Күөлүгэр 3 дьиэни, 15 тиэргэни, Маҕараска 3 олорор дьиэни, 16 тиэргэни, РЭС подстанциятын уу ылан турар.
Мэҥэ Хаҥалас Бэдьимэтигэр билигин 29 олорор дьиэ тиэргэнэ уу билиэниттэн босхолоно иликтэр.
Нам улууһугар Салбаҥ нэһилиэгин Хоҥор Биэ сэлиэнньэтигэр 22 дьиэ тиэргэниттэн ууну хачайдыыр үлэлэр ыытыллаллар.
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Эһигини үүнэн эрэр Саҥа 2026 сылынан уонна Ороһуоспанан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил…
Илиҥҥи халандаар этэринэн, хас биирдии сыл гороскопка баар 12 кыыл салалтатынан ааһар. Үүнүөхтээх 2026 сыл…
Ис сүрэхпиттэн үүнэн иһэр 2026 сылынан эҕэрдэлиибин! Биһиги XXI үйэ иккис чиэппэригэр үктэнэбит. Бэлиэ түгэннэринэн, чаҕылхай ситиһиилэринэн…
Бу күннэргэ күн-дьыл хайдаҕый? Төһө тымныйарый? Хаар түһэр дуо? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа өттүгэр сорох сиринэн кыра…
Бу ый саҥатыгар Норуоттар икки ардыларынааҕы “Саха сирин бриллианнара” хаар уонна муус оҥоһук бэстибээлигэр араас…
Ааһан эрэр 2025 сыл Өймөкөөн улууһун олохтоохторугар айылҕа иэдээнэ -- алдьатыылаах халаан үгүс хоромньуну оҥорон,…