Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата
Бу сыл алтынньытыгар Мэҥэ Хаҥалас улууһун Сыымах сэлиэнньэтэ гааска холбонуоҕа. Бу туһунан СӨ баһылыга Айсен Николаев «Саха» ГТРК ханаалын «Прямой разговор» биэриитигэр иһитиннэрдэ.
«Газпром» хампаанньа уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи былаас күүстэринэн, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Сыымах сэлиэнньэтигэр гааһы киллэриигэ үлэ көхтөөхтүк ыытыллар. Бу бырайыак Кыайыы үбүлүөйдээх сылыгар ананар. Бу нэһилиэк саха норуотуттан бастакынан Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа буолбут Федор Кузьмич Попов төрөөбүт дойдутунан буолар. Билигин бырайыактыыр-симиэтэлиир докумуоннар бэлэмнэнэн бүтэн эрэллэр, судаарыстыбаннай эспэртиисэ үтүө түмүктэрдээх», — диэн Айсен Николаев эттэ.
Мэҥэ Хаҥалас оройуонун полицията уопсайа 13 мөл. солк. суумалаах кыһыл көмүһү тиэйэн испит тэрилтэ дириэктэрин…
“Өбүгэ ситимэ” норуот эмчиттэрин түмсүүтүгэр айылҕаттан айдарыылаах араас дьон баар. “Өбүгэ ситимэ” норуот эмчиттэрин түмсүүтүн…
Быйыл балаҕан ыйыгар аан маҥнай аһыллар, өрөспүүбүлүкэ биир элбэх үөрэнээччилээх, М.Е.Николаев аатын сүгэр Дьокуускай куорат…
Сибиирдээҕи федеральнай уокурук эрэгийиэннэригэр күүстээх сөҥүү түһүөҕэ, оттон Саха сиригэр хаһыҥ түһэрэ күүтүллэр. Бу туһунан…
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун Ходоро нэһилиэгин Чүүйэ Эбэ алааһыгар "Ходуһа хоһууттара-2025" илии хотуурунан оту…
Бүлүү оройуоннааҕы суута улуус 20 саастаах олохтооҕо ааптар быраабын сокуону кэһэн туран туһаммытын иһин кинини…