Мэҥэ Хаҥалас улууһугар култуура үлэһиттэрэ агитбиригээдэ үлэтин сөргүттүлэр

Share

Сэбиэскэй кэм саҕана өрөспүүбүлүкэ бары оройуоннарыгар, нэһилиэктэригэр оттооһун үгэннээн турар кэмигэр агитбиригээдэлэр оттуур ходуһаларынан, пиэрмэлэринэн сылдьан,  сибиэһэй хаһыаттары аҕалаллара, оттооһун хаамыытын билиһиннэрэллэрэ уонна үлэ дьонун кэнсиэрдээх  сэргэхситэллэрэ.

Оннук култуурунай-сырдатар тэрээһиннэри быйыл Мэҥэ Хаҥалас улууһунааҕы култуура управлениетын үлэһиттэрэ  от ыйын 11 күнүттэн  айар  агитбиригээдэ тэринэн, нэһилиэктэри кэрийэн, үлэ дьонун сэргэхситэ сылдьаллар.

Суолталаах тэрээһин  — «Мин дууһам ыллыыр» диэн айар айан саха тыллаах кутун туппут, айылҕаттан айдарыылаах ырыаһыт, мелодист Валерий Ноев төрөөбүтэ 85 сылын чэрчитинэн ыытыллар.

Култуура үлэһиттэрэ «Тумул» ТХПК Эбэ түгэҕэ сайылыгар, 1-кы Баатара, 2-с Тыыллыма, 1-кы Тыыллыма, Мэлдьэхси, Баатара, Моорук, Бүтэйдээх нэһилиэктэригэр сырыттылар.  Олохтоохтор сэргэхсийэн, күннээҕи түбүктэн сынньанан, үлэ дьонун үлэҕэ көҕүлүүр уостан түспэт ырыалардаах тыыннаах доҕуһуолунан кэнсиэрдэри бэркэ кэрэхсээтилэр.

Маны тэҥэ, И.М. Сосин аатынан улуустааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ уонна Р.Г. Васильев аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл Валерий Ноев айар үлэтин, духуобунай нэһилиэстибэтин сырдатар быыстапкалары туруордулар, араас маастар-кылаастар, нэһилиэнньэни кытта санаа атастаһыыта буолла.

Улуустааҕы култуура уонна духуобунай сайдыы салалтата айар айан түмүгүнэн Валерий Ноев «Мин дууһам ыллыыр» ырыатыгар хомуур килииби оҥорон таһаарыахтара.

Ити курдук, мэҥэлэр биир дойдулаахтара Валерий Ноев олоҕун, айар үлэтин, сырдык аатын үйэтитэр, үбүлүөйдээх сылын бэлиэтиир сыаллаах «Мин дууһам ыллыыр» айар кэлэктиип үтүө хамсааһынын дьон-сэргэ бэркэ сэҥээрдэ, биһирээтэ.

What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

2 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

47 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Маны билэҕин дуо?  Бит-билгэ

Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…

3 часа ago