Мэҥэ Хаҥалас улууһугар «Кыайыы знамята» эстэпиэтэ саҕаланна
Бүгүн, тохсунньу 9 күнүгэр, сахалартан бастакы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Кузьмич Попов төрөөбүт дойдутугар Баатара нэһилиэгэр Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 80 сылынан «Бары бииргэ — Кыайыыга» диэн девизтээх «Кыайыы Знамята» өрөспүүбүлүкэтээҕи эстэпиэтэни көрүстүлэр.
«Кыайыы Знамята» өрөспүүбүлүкэтээҕи эстэпиэтэ ааспыт сыл ахсынньы 28 күнүгэр саҕаламмыта. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев Майа сэлиэнньэтигэр улуус баһылыгар Дмитрий Тихоновка Кыайыы Знамятын туттарбыта. Өрөспүүбүлүкэтээҕи эстэпиэтэ бары улуустары кэрийэн, Улуу Кыайыы күнүгэр Саха сирин киинигэр — Дьокуускай куоракка тиийиэҕэ.
Бүгүҥҥү бэлиэ тэрээһиҥҥэ Майа сэлиэнньэтин баһылыга Алексей Неустроев, Хара нэһилиэгин баһылыга Дария Назарова, Ходоро нэһилиэгин баһылыга Виктор Федоров, Догдоҥо нэһилиэгин баһылыга Петр Сивцев, Баатара нэһилиэгин баһылыга Дмитрий Акимов, 1-кы Баатара нэһилиэгин баһылыга Петр Андросов, Хорообут нэһилиэгин баһылыга Гаврил Бродников, Мэлдьэхси нэһилиэгин баһылыга Валерий Никифоров кыттыыны ыллылар.
Эстэпиэтэ салгыы улуус нэһилиэктэрин кэрийэн, сарсын, тохсунньу 10 күнүгэр, Амма улууһугар айанныаҕа.
Бу туһунан Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: