Мэҥэ Хаҥалас улууһугар «Кыайыы знамята» эстэпиэтэ саҕаланна

Share

Бүгүн, тохсунньу 9 күнүгэр, сахалартан бастакы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Кузьмич Попов төрөөбүт дойдутугар Баатара нэһилиэгэр Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 80 сылынан «Бары бииргэ — Кыайыыга» диэн девизтээх «Кыайыы Знамята» өрөспүүбүлүкэтээҕи эстэпиэтэни көрүстүлэр.

«Кыайыы Знамята» өрөспүүбүлүкэтээҕи эстэпиэтэ ааспыт сыл ахсынньы 28 күнүгэр саҕаламмыта. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев Майа сэлиэнньэтигэр улуус баһылыгар Дмитрий Тихоновка Кыайыы Знамятын туттарбыта. Өрөспүүбүлүкэтээҕи эстэпиэтэ бары улуустары кэрийэн, Улуу Кыайыы күнүгэр Саха сирин киинигэр — Дьокуускай куоракка тиийиэҕэ.

Бүгүҥҥү бэлиэ тэрээһиҥҥэ Майа сэлиэнньэтин баһылыга Алексей Неустроев, Хара нэһилиэгин баһылыга Дария Назарова, Ходоро нэһилиэгин баһылыга Виктор Федоров, Догдоҥо нэһилиэгин баһылыга Петр Сивцев, Баатара нэһилиэгин баһылыга Дмитрий Акимов, 1-кы Баатара нэһилиэгин баһылыга Петр Андросов, Хорообут нэһилиэгин баһылыга Гаврил Бродников, Мэлдьэхси нэһилиэгин баһылыга Валерий Никифоров кыттыыны ыллылар.

Эстэпиэтэ салгыы улуус нэһилиэктэрин кэрийэн, сарсын, тохсунньу 10 күнүгэр, Амма улууһугар айанныаҕа.

Бу туһунан Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга полиция үлэһиттэрэ суотабайы халаабыт киһини туттулар

ИДьМ Дьокуускайдааҕы 2-с №-дээх полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар киин куорат олохтооҕо уоруу тахсыбытын туһунан иһитиннэрбит.…

12 минут ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Харыйалаахха табаһыттары сылаас таҥаһынан хааччыйаллар

Өлөөн улууһун Харыйалааҕар сэргэх үлэлээх мастарыскыай баар. Сэбиэскэй кэм саҕанааҕы тутуу диэтэххэ, дьиэлэрэ киэҥэ-куоҥа сүрдээх.…

27 минут ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэ күүстээх боксердарын сүүмэрдээһиҥҥэ турнир ыытыллыаҕа

Дьокуускайга бу сыл тохсунньу 11 күнүттэн боксаҕа кыргыттар ортолоругар сүүмэрдиир чөмпүйэнээт ыытыллар. Кыайыылаах спортсменнар Уһук Илиҥҥэ күрэхтэһиигэ кыттар…

42 минуты ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Иркутскай уобалаһын олохтоохторо түөкүннээһиҥҥэ буруйданан тутулуннулар

Саха сиригэр ИДьМ үлэһиттэрэ Иркутскай уобалас 33 уонна 36 саастаах икки олохтоохторун тутан аҕаллылар. Кинилэр…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Көхтөөх, хамсаныылаах олох нэдиэлэтэ биллэрилиннэ

Доруобуйа харыстабылын Бүтүн аан дойдутааҕы тэрилтэтэ (ВОЗ) сүбэлииринэн,  нэдиэлэҕэ кырата 150 мүнүүтэ сөбүгэр соҕус эбэтэр…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин психологтара 300-тэн тахса консультацияны ыыттылар

Саҥа дьыллааҕы сынньалаҥ кэмигэр Саха сиригэр уонна госпиталь хайысхатынан 130 саҥа уонна хатыланар үлэ толоруллубут,…

1 час ago