Салгыы
Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Маттаҕа интэринээт-дьиэ тутуллуо

Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Маттаҕа интэринээт-дьиэ тутуллуо

Ааптар:
12.04.2023, 17:45
Хаартыска СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтиттэн
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ, муус устар 11 күнүгэр, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Матта сэлиэнньэтигэр умнуллубат бэлиэ күн буолла.

Манна кырдьаҕастарга уонна инбэлииттэргэ 51 куойка-миэстэлээх интэринээт-дьиэни тутуохтара. Бырайыак «Аҕам саастаах көлүөнэ» федеральнай бырайыагы олоххо киллэрии иитинэн оҥоһуллубут.

Хаартыска СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтиттэн

«Аҕам саастаах көлүөнэҕэ судаарыстыба, уопсастыба улахан болҕомтотун, кыһамньытын уурар. Ытык дьоммут кырдьар саастарыгар тупсаҕай усулуобуйаҕа олороллорун ситиһиэхтээхпит«, — диэн этэн турар Ил Дархан Айсен Николаев.

Икки мэндиэмэннээх дьиэ олорор уонна уопсай блоктардаах. Олорор сирдэригэр 1,2 миэстэлээх, кэлээскэнэн сылдьан инбэлииттэргэ иккилии миэстэлээх хостор былааннаналлар. Уопсай блокка аактабай, физкултууралыыр саалалар, бибилэтиэкэ, куруһуоктар ыытыллар хосторо баар буолуохтара.

Хаартыска СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтиттэн

Бэдэрээччит — бөдөҥ тутууларынан дьарыктанар, ол иһигэр өрөспүүбүлүкэҕэ социальнай эбийиэктэри тутар «Электромонтаж» ХЭУо.

«РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин, РФ Бырабыыталыстыбатын, РФ Үлэҕэ министиэристибэтин уонна Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүллэринэн, «Аҕам саастаах көлүөнэ» федеральнай бырайыагынан, 2005 сыллаахха бу кэрэ миэстэҕэ интэринээт-дьиэ аана арыллыа. Туораттан көмөҕө, көрүүгэ-истиигэ наадыйар кырдьаҕастар уонна доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон, манна болҕомто киинигэр сылдьыахтара диэн эрэнэбин«, — диэтэ СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Хаартыска СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтиттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 декабря
  • -38°C
  • Ощущается: -45°Влажность: 74% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: