Мэҥэ Хаҥалас улууһугар мэдиссиинэ эбийиэгэ тутуллар
Майа сэлиэнньэтигэр 33 куойкаҕа суоттаммыт саҥа балыыһа комплексын туталлар.
Балыыһа уопсай иэнэ 4 тыһ. кв. м., манна симиэнэҕэ 30 киһи сылдьыаҕа диэн СӨ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин пресс-сулууспата суруйар.
«Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыагынан тутуллар саҥа комплекс толору хааччыллыа, нэһилиэнньэҕэ хаачыстыбалаах өҥө оҥоһуллуо. Тутуу 2025 сыл ахсынньытыгар түмүктэниэ», — диир СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирин бастакы солбуйааччы Дмитрий Сергин.
Биэлсэр-акушер пууннарын, амбулаториялары, балыыһалары тутуу — национальнай бырайыак дьон-сэргэ олоҕун тупсаҕай оҥоророрун чаҕылхай холобурунан буолар. Доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун саҥардан оҥоруу бырагырааматынан, сэлиэнньэлэр олохтоохторо хаачыстыбалаах мэдиссиинэ көмөтүнэн туһанар кыахтаналлар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: